Саха сирэ Илиҥҥи экономическай форумҥа 40- ча сөбүлэһиини уопсайа 330 млрд солк. илии баттаһыаҕа. Бу туһунан СИА Саха сирин экономикатын министрэ Майя Данилова иһитиннэрдэ.
Данилова республика экономикатын министерствота бэлэмнээбит сөбүлэһиилэрин туһунан кэпсээтэ. Биир сүрүн соругунан Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын корпорациятын кытта сөбүлэһиилэр буолаллар.
«Бу саҥа баараҕай бырайыактар, Дьокуускайга «Сулустаах» уонна Lena Pillars олорор дьиэни тутуу комплекстар тутуулара уонна дьиэни тутуу матырыйаалын оҥорор собуоту тутуу. Маны таһынан Арктикаҕа түөрт нефтебазаны тутууга концессия сөбүлэһии түһэрсэрэ былааннанар, бу ПМФ иһинэн бэлиэтэммитэ. Адаптивнай комплексы тутуу эмиэ киирдэ. га эмиэ концертнай сөбүлэһии түһэрсиллиэҕэ. Бу «ПроШколаны» кытта бииргэ үлэлиир бырайыакпыт буолуоҕа. Бу саҥа сөбүлэһии чэрчитинэн 10 оскуола 2025 сылга диэри тутуллуоҕа», — диэн миниистир кэпсээтэ.
Хаартыска: Андрей Сороккин, СИА.
This post was published on 05.09.2022 14:28 14:28