13 Балаҕан ыйа 13.09
  • $ 91,11
  • 100,39

Саха сирэ федеральнай киинтэн 75 мөл.солк. суумалаах субсидияҕа тигистэ

16:37, 01 апреля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Российскай Федерация бырабыыталыстыбата 8,9 млрд.солк. суумалаах көмөнү агропромышленнай комплексы тупсарыыга, тиэхиньикэни атыылаһыыга анаата. Федеральнай киин тустаах дьаһалынан Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатыгар 75,1 мөл.солк. көрдө.


2013-2020 сылларга болдьохтоох тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы бырагырааматын чэрчитинэн бу үп-харчы бэриллэр.

«Үп көдьүүстээхтик туттуллуутун Россиятааҕы тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ кыраҕытык хонтуруоллуур», — диэн докумуоҥҥа суруллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА