27 Муус устар 27.04
  • -1°
  • $ 92,01
  • 98,72

Саха сирэ элбэх оҕолоох ыалларын ахсаанынан Россияҕа лидер

11:00, 01 февраля
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тохсунньу ый биир саамай сүрүн дьаһалынан Москваҕа «Родные — Любимые» пуорумҥа Россияҕа дьиэ кэргэн сылын арыйыы буолар. Манна Саха сирин ыала кыттыыны ылла.

Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Якутия вперёд!» биэриигэ эттэ. Кини Саха сирэ Россияҕа элбэх оҕолоох ыалларын ахсаанынан лидер буоларын бэлиэтээтэ.

«Мин Новгородовтар дьиэ кэргэттэрин кытта көрүстүм. Кинилэр Москваҕа буолбут дьаһалга өрөспүүбүлүкэни киэн тутта көрдөрдүлэр. Бу соторутааҕыта Чурапчыга элбэх оҕолоох ыаллары эмиэ көрүстүм. Эдэр ыал Жанна уонна Владислав Фёдоровтар «Россия» быыстапка-пуорумуттан «Семейный очаг» уотун аҕаллылар. Бу быстах толкуйдар буолбатах, тоҕо диэтэххэ, Саха сирэ — оҕо төрөөһүнүгэр, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ахсаанынан Уһук Илиҥҥэ эрэ буолбакка, дойдуга лидер», — диэтэ Айсен Николаев.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА