Экэнэмиичэскэй ыарахаттары, сааҥсыйаны аахсыбакка, 42 эрэгийиэҥҥэ Росстат үрдүк көрдөрүүнү ситиспиппитин бэлиэтээтэ, диэн Саха сирэ суруйар.
Холобур, саамай бастыҥ көрдөрүүллээх Тува 37,1% уонна соҕурууҥҥу хас даҕаны өрөспүүбүлүкэ 10-20 %-ныы үүнүүнү ситистилэр. Бу испииһэккэ кырата суох ситиһиилээх Бурятия, Брянскай уобалас, Ненецкэй АУо уонна Саха сирэ эмиэ киирдилэр. Уһук Илиҥҥэ эрэ буолбакка, Арасыыйаҕа бүтүннүүтүгэр сүрүн бырамыысыланнай эрэгийиэннэринэн буолаллар.
Бырамыысыланнас оҥорон таһаарыыта 5-тэн 10 %-ҥа диэри кыратык үрдээбит эрэгийиэннэр бөлөхтөрө эмиэ баар. Ол бөлөххө Москва, Татарстан, Ростов уонна Омскай уобаластар киирдилэр, кинилэр ситиһиилэрэ бүтүн дойду көрдөрүүтүн тупсаран биэрдилэр. Итини таһынан, Рязань уобаластан ураты, кинилэр ситиһиилэрин Дагестан, Карачаево-Черкесия, Севернай Осетия уонна Чечня ситэрэн биэрдилэр. Бөдөҥ бырамыысыланнай эрэгийиэннэртэн 5 % үрдээн Ханты-Мансийскай АУо, Санкт-Петербург, Красноярскай кыраай уонна Иркутскай уобалас, Башкирия, Волгоград уонна Туула уобалаһа, Нижегородской, Новосибирскай уобалас уонна Краснодар кыраайа кыратык чорбойдулар.
Саамай куһаҕан көрдөрүүлээхтэринэн Калуга уобалаһа (19,3% түстэ) уонна Сахалин (23,3%) буоллулар. Үһүс миэстэни Калининград уобалаһа (түһүү – 17,6%) ылла. Атын эрэгийиэннэргэ балаһыанньа син аҕай. Биллэрдик түспүт эрэгийиэннэринэн Камчатка, Чукотка, Хакасия, Карелия, Марий Эл, ону таһынан Ульяновскай, Курскай, Орлов, Кострома, Мурманскай, Архангельскай уонна Новгород уобаластара буоллулар. Урут бастакы сылдьыбыт Урал, Свердловскай, Челябинскай уобаластар уонна Пермь кыраайа ааспыт сылы 2 % түһүүлээх түмүктээтилэр.
Хара металлургияттан улахан тутулуктаах Вологодскай уонна Липецкэй уобаластар 5,5-5,6 % намтааһыны биллилэр. Москва, Ленинград, Самарскай, Оренбург, Воронеж (2-3,5% түһүү) уонна Тюмень (6,4%) уобаластара улахан кыһалҕаны көрүстүлэр. Уустук балаһыанньаттан хостуур салааҕа элбэх эрэгийиэн эмсэҕэлээтэ, ол иһигэр Ямало-Ненецкэй АУо уонна Кузбасс.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
This post was published on 10.02.2023 12:02 12:02