22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сирэ Бурденко аатынан байыаннай госпиталы кытта СВО кыттыылаахтарын реабилитацияҕа сөбүлэстилэр

Фото: Постпредство Якутии в Москве
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирэ Москваҕа Н.Н. Бурденко аатынан байыаннай клиническай госпиталы кытта бииргэ үлэлииргэ сөбүлэҥҥэ илии баттастылар, ол туһунан өрөспүүбүлүкэ бастайааннай бэрэстэбиитэлэ эттэ. Регион дойдуга бастакынан Россия былыргы судаарыстыбаннай госпиталын кытта маннык докумуону толоруста.

Сөбүлэҥ быһыытынан анал байыаннай дьаһал кыттыылаахтарын реабилитациятыгар күүһү-кыаҕы холбоон бииргэ үлэлээһин былааннанар. Кинилэргэ социальнай уонна психологическай өйөбүл, волонтердар көмөлөрө оҥоһуллуоҕа.

Регион эрдэттэн уонна ситиһиилээхтик медицина тэрилтэлэрин кытта үлэлиир. Госпитальга волонтердар сылдьаллар, оттон бааһырбыттар өрөспүүбүлүкэттэн дьонноруттан баһыылка туталлар.

Сөбүлэҥ түһэрсии кэнниттэн, балыыһаҕа реабилитация ааһыытыгар туһалыыр ортопедическай сириэстибэлэри уонна бастакы наадыйар предметтары туттардылар. Өрүттэр салгыы өрөспүүбүлүкэттэн медицина биригээдэрин госпиталга үлэлэтэр туһунан кэпсэттилэр.

Госпиталь начальнига Денис Давыдов дойду регионнарыттан холбоһуктаах биригээдэлэр үлэлииллэрэ, ордук эпэрээссийэ оҥорууга уопут атастаһалларыгар туһалаах буоларын эттэ.

Докумуоҥҥа СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта — РФ президиэнигэр Саха сириттэн бэрэстэбиитэл, сүрүннүүр киин бэрэссэдээтэлэ  Андрей Федотов уонна генерал-майор, госпиталь начальнига Денис Давыдов илии баттаатылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА