Саха сирэ Благовещенскайга буолар демография кэмпириэнсийэтигэр кыттыаҕа

Фото: Андрей Сорокин, ЯСИА

«Демография»нацбырайыак чэрчитинэн Саха сиригэр биэс регионнааҕы бырагыраама үлэлиир, уопсай суумата 5,7 млрд солк.

Саха сиригэр «Финансовая поддержка семей при рождении детей», «Содействие занятости», «Старшее поколение», «Спорт – норма жизни» уонна «Укрепление общественного здоровья» регионнааҕы бырайыактар үлэлииллэр. Оҕо төрөөһүнүгэр, социальнай суолталаах эбийиэктэри тутууга, киһи олоҕун сааһа уһууругар туһаайыллаллар.

Холобур, Өлүөхүмэ улууһугар 2015 сыллаахха кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр 100 миэстэлээх стационардарын утуйар куорпуһун бастакы уочарата тутуллубута. Дьиэ медицинскэй блогунан, куухунан, остолобуойунан хааччыллыбыта.

2020 сылга тутуу 200 миэстэҕэ иккис уочарата «Демография» национальнай бырайыагынан салҕаммыта. Онон кырдьаҕас социальнай тэрилтэ аныгылыы тииптэммитэ. Сиһилии https://ysia.ru/yakutiya-primet-uchastie-vo-vserossijskoj-demograficheskoj-konferentsii-v-blagoveshhenske/

Демография бэлиитикэтин «Демографическое развитие Дальнего Востока и Арктики» сылын аайы ыытыллар Россиятааҕы кэмпириэнсийэҕэ дьүүллэһиэхтэрэ. Тэрээһин Благовещенскайга от ыйыгар буолуоҕа.

This post was published on 29.06.2023 14:33 14:33