Уһук Илиҥҥи гектар ыларга оҥоһуллубут дуогабар ахсаанынан Саха сирэ Приморье кэнниттэн иккис миэстэни ылар. Бу туһунан регион бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Кирилл Бычков Дьокуускайга буолбут «Арктика — территория развития» диэн комфортнай эйгэни хааччыйар кэмпириэнсийэҕэ иһитиннэрбитин СИА кэпсиир.
Кини этэринэн, 11 675 дуогабар түһэрсиллибит, баһылааһын бырыһыана 21 %-ны аһарбыт. Сүрүннээн, ылыллыбыт гектары дьиэ-уот туттарга, тыа хаһаайыстыбатыгар уонна туристическай бырайыактары олоххо киллэриигэ туһаналлар. Бастыҥ холобур быһыытынан вице-премьер Хаҥалас улууһугар баар «Бэс Тумус», «Тукулаан» уонна «Лунный свет» турбазалары бэлиэтээтэ.
«Уһук Илиҥҥи гектар» бырагыраама Арассыыйа олохтоохторугар 1 гектар иэннээх сир учаастагын босхо ылар быраабы биэрэр, 2016 сыл бэс ыйын 1 күнүттэн Уһук Илин уокурук олохтоохторо, оттон олунньу 1 күнүттэн 2017 сылга — Арассыыйа атын территориятын олохтоохторо туһаныахтарын син.
This post was published on 24.05.2022 10:01 10:01