Саха сирэ бэйэтин национальнай киэн туттуутун оҥорон таһаарарга үлэлэһэр

Саха сиригэр бэйэ национальнай брендэ (киэн туттуута) баар буолуохтаах. Ол чэрчитинэн оҥорон таһаарааччылар бэйэлэрин табаардарын уонна өҥөлөрүн тас ырыынакка таһаарыахтарын сөп. Маннык түмүктүүр санаа «Айсар» уопсастыбаннай тэрилтэ көҕүлээһининэн  өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ ыытыллыбыт төгүрүк остуолга этилиннэ. 


«Саха сиригэр улахан кыах баар, ону биһиги тас ырыынакка таһаарыахтаахпыт. Маны оҥорон таһаарааччылары барыларын түмэр биир уопсай киэн туттуу көмөтүнэн тэрийиэххэ сөп«, — диэтэ тэрийээччи, «Айсар» тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Александр Григорьев.

Кини этэринэн, бренд — саха түүлээҕэр, көмүс оҥоһуктарыгар уонна олохтоох аска наадыйыыны хааччыйыыга философия быһыытынан билиниллиэхтээх.

Регион атыыга-промышленнай палаататын президенэ Владимир Членов этиини өйүүргэ бэлэмин биллэрдэ. «Национальнай киэн туттууну оҥорууга үлэ барбыта ыраатта. Билигин Ил Дархан Егор Борисов көҕүлээһинин кэнниттэн, олохтоох оҥорон таһаарыыга саҥа үтэйэр күүс баар буолла, тема көдьүүстээҕэ билиннэ», — диэтэ кини.

Членов бэлиэтииринэн, регион биир уобарастаах билиниллибит бэлиэҕэ наадыйар. Ол иһин бэйэтэ салайар палаататын өттүттэн ол оҥоһулларыгар кыаҕа баарынан көмөлөһөрүн эттэ.

«Араас таһымнаах быыстапкалар уонна дьаарбаҥкалар аан дойду үрдүнэн Саха сиригэр оҥоһуллубут табаарга, өҥөҕө наадыйыы баарын бэлиэтииллэр, онон ону элбэтэн, тэнитэн биэриэххэ наада», — диэн АПП президенэ түмүктээтэ.

This post was published on 08.08.2017 15:54 15:54