Саха сирэ балыыһалара саҥа массыналартан күлүүстэри туттулар

Хаартыска: Андрей Сорокин

Атырдьах ыйын 19-с күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев улуустааҕы уонна Дьокуускай балыыһаларыгар саҥа массыыналар күлүүстэрин туттартаата.

Доруобуйа харыстабалын сайыннарар судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн 14 суһал көмөҕө анаммыт массыыналары ылбыттар. Ол курдук саҥа тиэхиньикэни Сунтаар, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Амма, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Ньурба, Уус Маайа улуустаар балыыһалара уонна Дьокуускай үһүс нүөмэрдээх балыыһата туттулар.

Инникитин да балыыһалар анал массыналарын саҥардыы уонна элбэтии салҕана туруо диэн Ил Дархан эттэ.

Хаартыска: Андрей Сорокин

This post was published on 19.08.2024 16:37 16:37