Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай хамсааһыны сайыннарар, «Азия оҕолоро» Оонньуу аатын-суолун үрдэтэр туһугар аны кыһыҥҥы Оонньуулары тэрийэри Саха сирэ көҕүлүүр. Ол туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыга Егор Борисов эттэ.
«Кыһыҥҥы Оонньуулары холобур, Сахалиҥҥа ыытар туһунан этии киллэриэхпитин сөп. Ити айылҕа, климат туругуттан тутулуктанар. Саха сиригэр алтынньыга эбэтэр муус устарга маннык Оонньуулары ыытар ыра санаалаахпыт», — диэн Егор Борисов «Саха» НКИК ханаалыгар биэрбит интервьютугар эттэ.
Саха сирин соҕуруу өттүгэр, Алдаҥҥа аан дойдуга ханна да суох хайыһардыыр база баар. Манна араас таһымнаах күрэхтэһиилэри ыытар кыахтаахпыт. Ону таһынан бу база спортивнай туризм сайдарыгар сүрүн эбийиэк.
This post was published on 06.07.2016 10:47 10:47