Россия бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин регионнар агропромышленнай комплексы сайыннарыыларыгар ороскуоттарын сорох чааһын сабыыга дьаһалга илии баттаата. Федеральнайдааҕы бюджеттан Саха сиригэр 48 мөл тахса солк көрүлүннэ.
Федеральнайдааҕы бюджеттан көрүллүбүт үбүлээһини регионнар үүт комплекстарын, селекционнай-сиэмэлээһин кииннэрин, хранилищелары, барааны иитэр пиэрмэлэри уонна отонтон бородууксуйа оҥорон таһаарар тэрилтэни тэрийиигэ уонна модернизациялааһыҥҥа туттуохтаахтар.
Барыта 102 инвестиционнай бырайыагы өйүүр сорук турар. Хас бырайыак ороскуотун 10 — 25% компенсациялыыр былааннаахтар.
Уопсай үбүлээһин 6,74 млрд солк. Маны 34 региоҥҥа тыырыахтара. Саха сирэ бырайыактарынан талыыны ааһан, федеральнайдааҕы бюджеттан 48,8 мөл солк ылыаҕа.
«Быһаарыы регионнарга тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар туһалыаҕа, аграрнай сектор атаҕар турарын көҕүлүөҕэ, онон ас куттала суох буолуута тэриллиэҕэ», —диэн суруллар иһитиннэриигэ.
This post was published on 16.12.2020 12:01 12:01