2030 сылга Саха сиригэр энергетика кыаҕын оҥорууну үс төгүл улаатыннарар сорук турар. Ол туһунан регион баһылыга Айсен Николаев Россиятааҕы энергетика нэдиэлэтин былаһааккатыгар эттэ.
«Экспортка ориентир хаалыаҕа уонна оҥорон таһаарыы иэнигэр тэҥ улаатыаҕа. Ис туһаныы эмиэ икки төгүл улаатыа диэн сыаналыыбыт. Биһиги сүрүн сорукпут — промышленность уонна терриориялар сайдыыларыгар муҥутуур кыаҕы туһаныы, нэһилиэнньэни уонна тэрилтэлэри энергетика кыаҕынан хааччыйыы», — диэтэ Айсен Николаев.
Регион баһылыга эппитинэн, саҥа сирдэри булуу уонна энергетика күүһүн улаатыннарыы регион уонна Уһук Илин экономикатын күүһүрдэрин таһынан, дойду Илин диэки сыҕарыйарыгар импульс биэриэҕэ. Чох хостооһунун 80-90 мөл туоннаҕа, газ – 50 млрд кубометрга диэри, нефть – 21 мөл туоннаҕа диэри тириэрдэр былаан баар, электрическай энергия — икки төгүл.
«Российская энергетическая неделя» норуоттар ардыларынааҕы форум Москваҕа алтынньы 12 — 14 күннэригэр ыытыллар.
Пленарнай мунньахха Россия президенэ Владимир Путин кытынна.
This post was published on 13.10.2022 09:33 09:33