Саха сирэ 2024 сыл түмүгүнэн Уһук Илиҥҥэ хас да салаа көрдөрүүтүгэр лидер буолла

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сирэ ааспыт сыл түмүгүнэн Уһук Илиҥҥэ хас да көрдөрүүгэ лидер буолла: демография, промышленность, экономика уонна инвестиция. Сорох хайысхаларга дойдуга уон бастыҥ иһигэр киирдэ. Ол туһунан «Прямой разговор» биэриигэ Ил Дархан Айсен Николаев эттэ, суруйар ЯСИА.

Регион салайааччыта Уһук Илиҥҥэ 2024 сылга социальнай-экономическай сайдыыга түмүктэри таһаарар мунньах туһунан уонна 2025 сылга инникилээн тутуллар соруктары кэпсээтэ.

Кини эппитинэн, мунньахха Уһук Илин федеральнайдааҕы уокурук 11 регионун баһылыктара бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта — Уһук Илиҥҥэ президент боломуочуйалааҕа  Юрий Трутневка территорияларын сайдыытын кэпсээтилэр.

«Саха сирэ — Уһук Илиҥҥэ лидердэртэн биирдэстэрэ, ол туһунан Юрий Петрович хаста да бэлиэтээн эттэ. Биһиэхэ бастыҥ көрдөрүүлэр социальнай-демографическай сайдыыга бааллар. Олохпут уһунунан уонна төрөөһүммүтүнэн Уһук Илиҥҥэ лидер буоларбыт таһынан, дойдуга уон бастыҥ иһигэр киирэбит. Биһиги — экономика иэнинэн, бюджет систиэмэтигэр киирэр нолуок дохуотунан лидербыт», — диэтэ Айсен Николаев.

Регион баһылыга, төһө да ыарахаттар баалларын иһин, өрөспүүбүлүкэҕэ промышленость көрдөрүүтүн үрдээһинэ биллэр, 2024 сыл түмүгүнэн 8,1% эбиллии баар, бу икки төгүл үрдүк, дойдуга орто көрдөрүүттэн диэтэ. Ааспыт сылга Саха сирэ инвестицияҕа көрдөрүүбүт рекорд буолбута.

Айсен Николаев федеральнайдааҕы киин Саха сирин сайдыытыгар былаанын өйүүр. Мунньахха Ил Дархан туруорбут боппуруостарын Юрий Трутнев өйүүрүн биллэрдэ.

This post was published on 21.01.2025 17:06 17:06