Саха сирэ 2015 сылга бюджеккэ эбэһээтэлистибэни толордо

Саха сирин бырабыыталыстыбата, төһө да экономикаҕа ыарахаттар буоллаллар, 2015 сыллааҕы судаарыстыбаннай бюджеты чөл тутан, бары социальнай эбэһээтилистибэни толордо. Бу туһунан СӨ үп миниистирэ Валерий Жондоров суруналыыстарга кэпсээтэ. 


Миниистирдэр кабинеттара ыам ыйын 24 күнүгэр «2015 сыл өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бюджетын туолуутун отчуотун бигэргэтэр туһунан» сокуон бырайыагын көрдүлэр.

«Дохуоттан бюджет туолуута 167,7 миллиард солк. тэҥнэстэ. 2014 сылы кытта тэҥнээн көрдөххө, дохуот  8% улаатта. Улахан эбиллии нолуоктан киириини 13 млрд.солк. тиийэ улаатыннарыыттан көстөр», — диэн быһаарда Валерий Жондоров.

Бырабыыталыстыба бюджет дефицитин былааннаммыт 7 млрд.солк.-тан 4,2 млрд.солк диэри кыччаппыта эмиэ төрүт буолар.

Экономика туруктаахтык сайдарыгар 8,1 млрд.солк. бигэ миэрэлэр ылыллыбыттар. 5,2 млрд.солк. бюджетнай кирэдьиит хотугу уонна Арктика улуустарыгар таһаҕаһы тиэйиигэ бэриллибит.

«Сыл олус ыарахан этэ, ол гынан баран сөптөөх миэрэлэри ылан, бюджет туруктаах буолуутун уонна экономика үүнүүтүн тэтимин хааччыйдыбыт, бастатан туран социальнай эбэһээтилистибэни барытын толордубут», — диэн үп миниистирэ эттэ.

This post was published on 25.05.2016 10:28 10:28