Туту айан Россиятааҕы сервиһын экспертэрэ саха саламаатын ураты бүлүүдэлэр ахсааннарыгар киллэрдилэр. Бу айанньыттарга гастрономия эйгэтигэр интэриэһинэй арыйыы буолуон сөп.
Саха сиригэр саламааты бырааһынньыктарга уонна өрөгөй күннэргэ, итиэннэ төрөөбүт дьахтарга анаан астыыллар. Бу бүлүүдэ күүс биэрэр диэн этиллэр.
Ас үүт, сүөгэй, бурдук, туус булкадыһыгыттан оҥоһуллар. Ырысыап араастаһар, сорохтор тэллэй, тыл, күөх үүнээйи куталлар.
Саха куукунатын мэтра Иннокентий Тарбахов эрдэ СИА-ҕа саламат ырысыабын кэпсээбитэ. Ингредиеннар: уу, үүт, арыы уонна бурдук.
Бэлэмнээһинэ: икки остолобуой ньуоску бурдугу 150 грамм оргуйбут ынах арыытыгар кутуллар, буһаран баран 150 грамм итии үүт кутуллар. Буккуйуллар, хойдубутун кэннэ оргуйбут ууну кутан биэриллэр. Туустанар.
Буһарыыга 3–5 мүнүүтэ барар. Киһиэхэ ирээтэ – 50 грамм.
This post was published on 05.05.2023 14:01 14:01