Саха сүөһүлэрэ тымныыга күүлэйдии сылдьаллар

Хаартыска: ЯСИА саайта

Горнай улууһун «Үлэ күүһэ» хаһыата телеграм-ханаалыгар күүлэйдии сылдьар саха сүөһүлэрин видеотын таһаарда. ЯСИА-ҕа «Саха сүөһүтэ» тэрилтэ Одуну нэһилиэгэр биригэдьиирэ Павел Корякин эппитинэн, билигин Маҕараска 134 саха сүөһүтэ баар.
«Саха сүөһүтэ тымныыга тулуурдаах. Таһырдьа аһатабыт, ойбонтон уулатабыт. Ити кэмҥэ кинилэр хаарга сүүрэкэлииллэрин сөбүлүүллэр», — диэтэ Павел Корякин.

This post was published on 17.12.2024 18:01 18:01