Дмитрий Давыдов «Эдэр саас» киинэтэ балаҕан ыйын 1 күнүгэр Москубатааҕы норуоттар ардыларынааҕы бэстибээлгэ (ММКФ) куонкурус чэрчитинэн көстүөҕэ, бэстибээл сайтыгар биллэрэллэр. Давыдов саҥа киинэтэ тохсунньу ыйга 65 кыраадыска уһуллубута. Режиссер этэринэн, киинэ устуута икки нэдиэлэ кэриҥэ буолбут.
Музыкальнай драмаҕа 40 саастаах 20-тэн тахса сыл устата улахан куоракка бэйэтин дьолун була сатаабыт Василий туһунан кэпсэнэр. Төрөөбүт дэриэбинэтигэр төннөн кэлэн, кини манна кимиэхэ да наадата суоҕун, кинини ким да күүппэтэҕин өйдүүр. Хартыынаҕа «Хардыы» рок-бөлөх музыката иһиллэр.
Киинэ фестивала атырдьах ыйын 26 күнүттэн балаҕан ыйын 2 күнүгэр диэри Москваҕа ыытыллар. Куонкуруска 245 киинэ аан дойду 65 дойдутуттан кыттар.
This post was published on 01.09.2022 15:28 15:28