Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлиир

Саха сирин ытыктабыллаах олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм эһигини Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!


29 сыл анараа өттүгэр, 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр, Саха сирин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан декларация ылыныллыбыта. Бу историческай докумуон биһиги федеративнай судаарыстыбалыын биир ньыгыл сомоҕобутун, улуу Арассыыйа быстыспат сорҕото буолан сайдар оҥкулбутун түстээбитэ.

Саха сирэ дойду Уһук Илиҥҥи бигэ тирэҕэ буолар. Бүгүн биһиги өрөспүүбүлүкэбит сөҕүмэр кыаҕын туһанан Арассыыйа модун күүһүн бөҕөргөтөргө сүҥкэн эппиэтинэһи сүгэбит. Ону ситиһэргэ биһиги сирбитигэр-уоппутугар бары кыах баар – сир баайа, үрдүк технология уонна наука эйгэтигэр дьоһун ситиһиилэр. Маныаха Сахабыт сирин сүрүн баайа – үтүө санаалаах, сүдү талааннаах үлэһит дьоно буоларын өссө биирдэ бэлиэтиэх тустаахпын. Ытыктабыллаах сахам дьоно, эһиги күннээҕи үлэҕитинэн төрөөбүт дойдубут чэчирии сайдарын салайсаҕыт.

Лоп курдук биир сыл анараа өттүгэр миигин өрөспүүбүлүкэни салайарга итэҕэйэн, кэлэр биэс сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханынан талбыккыт. Өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннаһын күнүгэр барыгыт иннигэр андаҕайбытым. Ааспыт биир сыл иһигэр элбэҕи ситистибит, ол эрээри кэлэр сылларга биһигини өссө элбэх үлэ күүтэр. Ол курдук, экономика сайдыытын тэтиминэн дойду бастыҥ региона буоларга, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин олоҕун хаачыстыбатын тупсаран киһи кыаҕын сайыннарарга дьулуһуохтаахпыт.

Өрөспүүбүлүкэбит дьоно, Дьокуускайтан уонна промышленнай оройуоннартан саҕалаан ыраах сытар нэһилиэктэргэ тиийэ, баай-тот олохтоох буоларын ситиһэргэ хас биирдиибит талаана, кыаҕа, эрчимэ тирэх буолуохтаах. Ону бары биир сомоҕо буоллахпытына эрэ ситиһиэхпит.

Күндү доҕоттор!

Судаарыстыбаннас күнэ – Сахабыт сирин бары олохтоохторун сомоҕолуур бырааһынньык! Күүспүтүн түмэр, төрөөбүт дойдубут дьылҕатыгар кыттыгастаахпытын санатар өссө биир тоҕоостоох төрүөт.

Элбэх омуктаах норуоппут үтүө үгэстэригэр тирэҕирэн, аныгы ньымалары туһанан бары биир сомоҕо буолан ханнык да уустук соруктары быһаарыахпыт!

Бу бэлиэ күҥҥэ бар дьоммор чэгиэн-чэбдик, дьоллоох-соргулаах буолууну, үлэҕитигэр ситиһиини баҕарабын! Дьиэҕитигэр үтүө санаа, ил-эйэ тосхойдун!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев

This post was published on 27.09.2019 09:35 09:35