Күндү сахам дьоно! Самаан сайын сатыылаабыт кэмигэр Үрдүк Айыылары кытта алтыһар үтүө күммүт үүннэ. Арҕаһыттан тэһииннээх айыы хаан аймаҕа, көхсүттэн көнтөстөөх күн улууһун дьоно буоларбыт быһыытынан аламай маҥан күнтэн күүс ылар, Аар Айылҕабытыгар сүгүрүйэр кэрэ кэммит тиийэн кэллэ.
Саха дьоно түҥ былыргы үгэспитин, ырыабытын-тойукпутун, Олоҥхобутун харыстаан, өрө тутан, баай төрүт култуурабыт Аал луук мас курдук чэчирии сайдар. Ол да иһин ыһыахпыт үгүс норуоту түмэн, аар-саарга аатырар.
Кэнчээри ыччаппыт аныгы олох тэтимин кытта тэҥҥэ хардыылаан, саҥа саҕахтары баһылаан, киэҥ аартыкка таҕыста. Ол сайдыыбыт төрдө-төбөтө, силиһэ-мутуга Ыһыахпытыгар, Олоҥхобутугар, Оһуокайбытыгар, Хомуспутугар, Тойукпутугар баар. Кэнэҕэс да кэмнэргэ үтүө үгэспит, тылбыт-өспүт, хомоҕой хоһооммут, ылбаҕай ырыабыт саханы саха дэтэ турдун.
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Үрүҥ Тунах ыһыаҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин уонна тус бэйэм ааппыттан ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибин! Айыыһыккыт аргыстастын, Иэйэхсиккит эҥэрдэстин! Чөл куттаах, чэгиэн буолуҥ!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ П.В. Гоголев
This post was published on 21.06.2020 10:03 10:03