29 Муус устар 29.04
  • $ 91,78
  • 98,03

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков дириҥ кутурҕанын тиэрдэр

12:09, 13 февраля 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Олунньу 11 күнүгэр саха норуота ыар сүтүктэннэ. Уус-Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо, «Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, үлэ, тыыл ветерана, эмчит, отоһут, ытык киһи Гурий Иванович Турантаев бу олохтон барда.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков Москва куораттан дириҥ кутурҕанын тиэрдэр телеграмма ыытта.

«Өр сылларга ойуур хаһаайыстыбатын эйгэтигэр эҥкилэ суох үлэлээбит, тыыл уонна үлэ ветерана, Уус-Алдан улууһун, Бээрийэ, Тиит-Арыы нэһилиэктэрин ытык олохтооҕо, сорсуннаах, байанайдаах булчут, айылҕаттан айдарыылаах эмчит – отоһут, мындыр, ыллыктаах өйдөөх-санаалаах сүбэһит-амаһыт, үтүөкэн сэһэнньит, кэпсээнньит, былыргыны билээччи, дьон-сэргэ, бүтүн норуот билинэр, ытыктыыр киһитэ Гурий Иванович Турантаев 88 сааһыгар ыарахан ыарыыттан күн сириттэн барбытынан кэргэнигэр Харитина Степановнаҕа, оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр, аймахтарыгар, чугас дьонугар, дириҥ кутурҕаммын тиэрдэбин”.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ А.Н. Жирков

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА