Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
1990 сыл бэс ыйын 12 күнүгэр РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутааттарын I съеһэ Россия Федерациятын суверенитетын туһунан Декларацияны ылынан, Россия судаарыстыбаннаһа бигэргэммитэ. Онтон ылата дойду сайдыытыгар бары субъектар тэҥ бырааптаах буолууларын мэктиэлиир саҥа кэрдиис кэм саҕаламмыта.
Бэс ыйын 12 күнэ — биһиги норуоппут биир сомоҕо буолуутун кэрэһилиир бырааһынньык. Дойдубут чэчирии тупсара-сайдара, модун күүһэ кыаҕырара хас биирдии киһи кыһамньытыттан тутулуктаах. Россияҕа араас итэҕэлээх элбэх омук бэрэстэбиитэллэрэ иллээхтик, эйэ-дэмнээхтик олороллор, айалар-туталлар. Ханнык да туора күүс тастан кыайан өттөйбөтүн туһугар, дойдубут интэриэһин туруулаһыыга бары түмсэрбит, уопсастыбабытын бөҕөргөтөрбүт тоҕоостоох.
Быйыл биһиги Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 385 сылын бэлиэтиибит. Бу түгэн биһиги норуоппут инники дьылҕатын түстэниитигэр, кэлэр кэскилигэр суолун-ииһин тэлинитиигэр ураты суолталаах буолбута. Түөрт үйэни уҥуордаабыт историябыт чаҕылхай кэрэһитэ – бүгүҥҥү күҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Россия Федерациятын быстыспат сорҕото буолан, дойдубут биир бигэтик, түргэн тэтимнээхтик сайдар субъега буолар. Ил Түмэн үлэтэ өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай туруга, нэһилиэнньэ олоҕо-дьаһаҕа сокуон өттүнэн тирэхтээх, көмүскэллээх буолуутун хааччыйыыга туһуланар.
Россия күнүн бырааһынньыгар Саха сирин парламена эһиэхэ ситиһиилээх үлэни, үөрэҕи, чэгиэн доруобуйаны, үтүө туругу, дьолу-соргуну баҕарар.
This post was published on 12.06.2017 15:48 15:48