Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Ыйааҕа "Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр элбэх оҕолоох ийэлэри өйүүр дьаһал туһунан"

Элбэх оҕолоох ийэлэр социальнай статустарын үрдэтэр уонна кинилэри  өйүүр,  оҕону  иитэргэ  ийэ  ураты  оруолун  бэлиэтиир туһуттан,  у у р а б ы н:


1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Дьоруой ийэ” бэлиэтин олохтуурга.

2. Бу Ыйаах сыһыарыытын быһыытынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Дьоруой ийэ” бэлиэтин туһунан балаһыанньаны бигэргэтэргэ.

3. Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Дьоруой ийэ” бэлиэтинэн наҕараадаламмыт ийэлэргэ, физическэй сирэйдэр дохуоттарыгар нолуогу учуоттаабакка туран, биир кэмнээх 1 000 000 (биир мөлүйүөн) солкуобайдаах харчынан биһирэбили аныырга.

4. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата (Чекин Е.А.):
бу Ыйаах ылыллар кэмигэр 10 уонна онтон элбэх саастаах оҕолордоох гражданнар олорор дьиэни тутарга социальнай төлөбүрү ылар реестрдэригэр турар, төрөппүттэригэр иитиллэр 10 уонна онтон элбэх оҕолоох (сокуоннай саастарын туола илик оҕолор; 18 саастарын туолбакка сылдьан инбэлиит буолбут 18-тан үөһэ саастаах оҕолор, үөрэх тэрилтэлэригэр күнүскү үөрэххэ үөрэнэр, итиэннэ Россия Армиятыгар сулууспалыы сылдьар 23 саастарыгар диэри оҕолор) ыалга биир кэмнээх социальнай төлөбүрү биэрэр тэрээһиннэри 2017 сыл от ыйын 01 күнүттэн үбүлүүргэ сириэстибэ көрөрүгэр.

5. “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр “Ийэ Албан аата” бэлиэни олохтуур туһунан” 2003 сыл кулун тутар 04 күнүнээҕи 834 №-дээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Ыйааҕар маннык уларытыылары киллэрэргэ:

5.1. 1 пууну маннык эрэдээксийэлээн суруйарга:
“1. I, II, III истиэпэннээх “Ийэ Албан аата” бэлиэни олохтуурга.”.
5.2. 4 пууҥҥа “Соловьев А.Ю.” тылы “Гуляев М.Д.” тылынан солбуйарга.
5.3. Ыйаах сыһыарыытыгар:
5.3.1. 1.1 пууҥҥа “Ийэ Албан аата” бэлиэ иннигэр “I, II, III истиэпэннээх” тыллары эбэргэ.
5.3.2. 1.2 пууну маннык эрэдээксийэлээн суруйарга:
“1.2  I, II, III истиэпэннээх “Ийэ Албан аата” бэлиэнэн төрөппүт уонна ииппит элбэх оҕолоох маннык ийэлэр наҕараадаланаллар:
III истиэпэннээх “Ийэ Албан аата” бэлиэнэн — сэттэ оҕону ииппит;
II истиэпэннээх “Ийэ Албан аата” бэлиэнэн — аҕыс оҕону ииппит;
I истиэпэннээх “Ийэ Албан аата” бэлиэнэн — тоҕус оҕону ииппит.
Оҕолор ахсааннарыгар үөрэх тэрилтэлэригэр күнүскү үөрэххэ үөрэнэр 23 саастарыгар диэри саастаах оҕолор киирэллэр, ол иһигэр сокуонунан олохтоммут бэрээдэгинэн ийэ иитэ ылбыт оҕолоро эмиэ киирэллэр. Наҕараадаҕа иитэ ылбыт оҕолорун үс сыл устата дьоһуннаахтык ииппит уонна көрбүт-харайбыт ийэлэр түһэриллиэхтэрин сөп.
Наҕараадаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уон биэс сылтан итэҕэһэ суох олорбут элбэх оҕолоох ийэлэр түһэриллэллэр.
“Ийэ Албан аата” бэлиэнэн сыл аайы Аан дойдутааҕы дьахтар күнүгэр – кулун тутар 8 күнүгэр уонна Ийэ күнэ өрөспүүбүлүкэтээҕи бырааһынньыкка наҕараадаланаллар.”.
5.3.3. 1.3 пууну ылан кэбиһэргэ.
5.3.4. 2.1 пууҥҥа “икки ый иһинэн” тыллары “үс ыйтан хойутаабакка” тылларынан уларытарга.
5.3.5. 2.2 пууну ылан кэбиһэргэ.
5.3.6. 2.3 пууну маннык эрэдээксийэлээн суруйарга:

“2.3. “Ийэ Албан аата” бэлиэнэн наҕараадалыырга маннык докумуоннар түһэриллэллэр:

1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ыччат дьыалатыгар уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр министиэристибэтэ бигэргэппит киэбинэн олохтоох бэйэни салайыныы уорганын хадаатайыстыбата.

2. Олохтоох бэйэни салайыныы уоргана элбэх оҕолоох ыалга уонна ыал ийэтигэр суруйбут характеристиката.

3. Оҕолор төрөөбүттэрин туһунан сибидиэтэлистибэлэрин куоппуйата.

4. Оҕону иитэ ылбыт туһунан сибидиэтэлистибэ куоппуйата.

5. Ыал састаабын туһунан ыспыраапка (3 №-дээх киэп) уонна оҕолор үөрэнэр сирдэриттэн ыспыраапка”.

6. Элбэх оҕолоох ийэ урут “Ийэ Албан аата” бэлиэнэн наҕараадаламмытын туһунан сибидиэнньэ.

5.3.7. 3.2 пууну маннык эрэдээксийэлээн суруйарга:
“I, II, III истиэпэннээх “Ийэ Албан аата” бэлиэни кытта I, II, III истиэпэннээх “Ийэ Албан аата” бэлиэнэн наҕараадаламмытын туһунан дастабырыанньа туттарыллар уонна физическэй сирэйдэр дохуоттарыгар нолуогу учуоттаабакка туран, маннык кээмэйдээх биир кэмнээх харчынан биһирэбил бэриллэр:
III истиэпэҥҥэ – 50 000 солк.;
II истиэпэҥҥэ – 75 000 солк.;
I истиэпэҥҥэ – 100 000 солк.”.

6. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата “2017 сылга уонна 2018 уонна 2019 былааннаах сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бюджетын туһунан” Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2016 сыл ахсынньы 20 күнүнээҕи 1758-С 1073-V №-дээх сокуонугар уларытыылары киллэрэр туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонун бырайыагын оҥорорго бу Ыйааҕынан көрүллүбүт тэрээһиннэри олоххо киллэрэргэ аналлаах бюджет үбүн көрөрүгэр.

7. Бу Ыйааҕы дьиҥ таһымнаах сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ бэчээттииргэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин
Ил Дархана                                              Е. БОРИСОВ

Дьокуускай к.
2017 сыл муус устар 21 күнэ
1858 №

Саха Өрөспүүбүлүкэтин
Ил Дарханын
2017 сыл муус устар
21 күнүнээҕи 1858 №-дээх
Ыйааҕынан
БИГЭРГЭММИТЭ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Дьоруой ийэ” бэлиэ туһунан
БАЛАҺЫАННЬА

1.    Уопсай балаһыанньа

1.1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Дьоруой ийэ” бэлиэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын  Ыйааҕынан бэриллэр уонна ийэ оҕолору иитэргэ үтүөтүн уонна кини ыалы бөҕөргөтөргө оруолун үрдүктүк билинии буолар.
1.2. Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Дьоруой ийэ” бэлиэ сыл аайы Ийэ күнэ өрөспүүбүлүкэтээҕи бырааһынньыкка туттарыллар.

II. Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Дьоруой ийэ” бэлиэҕэ
хандьыдааттары туруоруу бэрээдэгэ уонна усулуобуйата

2.1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Дьоруой ийэ” бэлиэнэн уон уонна онтон элбэх оҕону төрөппүт уонна ииппит (иитэр), Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар 15 сылтан итэҕэһэ суох олорбут, кыра оҕото биир сааһын туолбут ийэ наҕараадаланар.
Оҕолор ахсааннарыгар сокуонунан олохтоммут бэрээдэгинэн ийэ иитэ ылбыт оҕолоро уонна байыаннай иэһин толоро сылдьан, итиэннэ киһи олоҕун, сокуоннаһы уонна быраап бэрээдэгин көмүскэлигэр өлбүт эбэтэр сураҕа суох сүппүт оҕолоро киирэллэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Дьоруой ийэ” бэлиэнэн ийэ 10-с оҕото 2000 сыл кэнниттэн төрөөбүт буоллаҕына наҕараадаланар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Дьоруой ийэ” бэлиэнэн наҕараадалыырга хандьыдааттары  Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай улуустарын уонна куораттааҕы уокуруктарын олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара түһэрэллэр.
2.2. Маннык түбэлтэлэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Дьоруой ийэ” бэлиэнэн наҕараадаламматтар:
1) ийэҕэ уонна кини оҕолоругар уһуллубатах эбэтэр сабыллыбатах сууттаныы баар буоллаҕына уонна (эбэтэр) ийэ уонна кини оҕолоро холуобунай дьыалаҕа эриллэ сылдьыбыт эбэтэр холуобунай дьыала тохтотуллубут чахчыта баар буоллаҕына;
2) биир эмэ оҕоҕо төрөппүт бырааба хааччахтана эбэтэр быһылла сылдьыбыт буоллаҕына.
2.3. Оҕо төрөөбүтүнэн эбэтэр иитэ ылбытынан уонна кинилэри иитэргэ үтүөтүн иһин ССРС, Россия Федерациятын наҕараадаларын ылбыт дьахталлар наҕараадаҕа түһэриллибэттэр.
2.4. Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Дьоруой ийэ” бэлиэнэн наҕараадалыырга Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай улуустарын уонна куораттааҕы уокуруктарын олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара бу сыл от ыйын 01 күнүттэн атырдьах ыйын 01 күнүгэр диэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ыччат дьыалатыгар уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр министиэристибэтигэр  маннык докумуоннары түһэрэллэр:
1) Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ыччат дьыалатыгар уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр министиэристибэтэ бигэргэппит киэбинэн олохтоох бэйэни салайыныы уорганын наҕараадаҕа түһэрэр докумуона;
2) олохтоох бэйэни салайыныы уоргана элбэх оҕолоох ыалга уонна ыал ийэтигэр биэрбит характеристиката;
3) оҕолор төрөөбүттэрин туһунан сибидиэтэлистибэлэрин куоппуйата;
4) оҕону иитэ ылбытын туһунан сибидиэтэлистибэ куоппуйата;
5) ийэ пааспарын куоппуйата;
6) ыал састаабын туһунан ыспыраапка (3 №-дээх киэп);
7) оҕо өлбүт буоллаҕына – өлбүтүн туһунан ыспыраапка куоппуйата (баар буоллаҕына);
8) ийэҕэ уонна кини оҕолоругар уһуллубатах эбэтэр сабыллыбатах сууттаныы баарын (суоҕун), холуобунай дьыалаҕа эриллэ сылдьыбыт эбэтэр холуобунай дьыала тохтотуллубут чахчыта баарын (суоҕун) туһунан ис дьыала уорганнара биэрбит ыспыраапкалара;
9) ылааччы аахсар счетын реквизиттэрэ.
Биир эмэ оҕоҕо төрөппүт бырааба хааччахтана эбэтэр быһылла сылдьыбытын туһунан ыспыраапканы Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ыччат дьыалатыгар уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр министиэристибэтэ эппиэкэ уонна попечительство уорганнарыттан ылар.
2.5. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ыччат дьыалатыгар уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр министиэристибэтэ бу Балаһыанньа 2.4 пуунунан көрүллүбүт докумуоннары ылыы болдьоҕо түмүктэниэҕиттэн, 5 үлэ күнүн устата наҕараадалыыр докумуоннары көрөр хамыыһыйаны тэрийэр, онно Саха Өрөспүүбүлүкэтин толорор уорганнарын уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрин киллэрэр уонна хамыыһыйа үлэтин бэрээдэгин бигэргэтэр.
2.6. Хамыыһыйа Ийэ күнэ өрөспүүбүлүкэтээҕи бырааһынньык буолуон 30 хонук иннинэ бу Балаһыанньа 2.4 пуунунан көрүллүбүт докумуоннары уонна бу Балаһыанньа 2.1-2.3 пууннарынан көрүллүбүт усулуобуйаҕа хандьыдааттар төһө сөп түбэһэллэрин көрөр уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Дьоруой ийэ” бэлиэнэн наҕараадалыыр эбэтэр аккаастыыр туһунан быһаарыы ылынар. Хамыыһыйа быһаарыыта боротокуолланар.
2.7. Бу Балаһыанньа 2.4 пуунунан көрүллүбүт докумуоннар кэрискэлэрэ толору баар буоллаҕына, итиэннэ хандьыдааттар бу Балаһыанньа 2.1-2.3 пууннарын усулуобуйатыгар сөп түбэһэр буоллахтарына, хамыыһыйа хандьытааты Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Дьоруой ийэ” бэлиэнэн наҕараадаҕа түһэрэр туһунан быһаарыыны ылар.
Бу Балаһыанньа 2.4 пуунунан көрүллүбүт биир эбэтэр онтон элбэх докумуон итэҕэс буоллаҕына, эбэтэр хандьытаат бу Балаһыанньа 2.1-2.3 пууннарын усулуобуйатыгар сөп түбэспэт буоллаҕына, хамыыһыйа  Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Дьоруой ийэ” бэлиэнэн наҕараадаҕа түһэрэртэн аккаастанар туһунан быһаарыыны ылар.
2.8. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ыччат дьыалатыгар уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр министиэристибэтэ хамыыһыйа боротокуола бигэргэниэҕиттэн, 3 үлэ күнүн устата олохтоммут бэрээдэгинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Дьоруой ийэ” бэлиэнэн наҕараадалыыр туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын  Ыйааҕын бырайыагын оҥорор.

III. Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Дьоруой ийэ” бэлиэнэн
наҕараадалааһын бэрээдэгэ

3.1. Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Дьоруой ийэ” бэлиэни Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана туттарар эбэтэр кини сорудаҕынан уонна кини аатыттан атын дуоһунастаах сирэй туттарыан сөп.
3.2. Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Дьоруой ийэ” бэлиэни кытта Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Дьоруой ийэ” бэлиэнэн наҕараадалыыр туһунан дастабырыанньа туттарыллар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын  Ыйааҕынан олохтоммут биир кэмнээх харчынан биһирэбили Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ыччат дьыалатыгар уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр министиэристибэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Дьоруой ийэ” бэлиэнэн наҕараадалыыр туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын  Ыйааҕа тахсыаҕыттан 30 үлэ күнүн иһинэн ылааччы аахсар счетыгар ыытар.
3.3. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ыччат дьыалатыгар уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр министиэристибэтэ наҕараадалыыр туһунан докумуоннары оҥорор, Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Дьоруой ийэ” бэлиэнэн наҕараадаламмыттары регистрациялыыр уонна учуоттуур.

This post was published on 23.04.2017 11:19 11:19