Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм эһигини Улуу Кыайыы күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Сэбиэскэй норуот үлүгэрдээх өлүүнү-сүтүүнү аҕалбыт ынырыктаах сэриигэ кыайыыны ситиспитэ 77 сыл буолла. Быйыл, өрөспүүбүлүкэбит төрүттэммитэ 100 сылыгар, дойдубутун фашист халабырдьыттарыттан көмүскээбит саха буойуннарын ахтарбыт-саныырбыт ураты долгутуулаах.
Аҕа дойду улуу сэриитигэр Саха сириттэн 62 тыһыынчаттан тахса киһи – өрөспүүбүлүкэ хас сэттис олохтооҕо ыҥырыллыбыта. Ол онтон аан дойдуну нацизмтан босхолуурга 38 тыһыынчаттан тахса киһи сырдык тыынын толук уурбута. Биһиги Аҕа дойду улуу сэриитин хас биирдии саллаатынан, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа буолбут биир дойдулаахтарбытынан киэн туттабыт!
Саха сиригэр тыылга үлэлээбиттэр кыайыыга сүҥкэн кылааты киллэрбиттэрэ. Ол курдук, сэрии сылларыгар биһиги өрөспүүбүлүкэбит дойдуга көмүһү, хорҕолдьуну, сүлүүдэни хостоон биэрэрэ, түүлээҕи ыытара. Алдан куорат үлэҕэ ситиһиилэрин иһин 2021 сыллаахха “Килбиэннээх үлэ куората” үрдүк ааты сүктэ. Кырдьаҕастар, дьахталлар, оҕолор – бука бары кыайыы туһугар үлэлээбиттэрэ. Саха сирин үлэлээн иитиллээччилэрин көҕүлээһининэн фроҥҥа көмөлөһөргө анаан 1941 сыл атырдьах ыйын 1 күнүгэр “Оборуона пуондата” тэриллибитэ. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун сиэртибэлээһиннэригэр тааҥка икки колуонната, сөмөлүөт үс эксадрильята, анал ааттаах тааҥкалар, сөмөлүөттэр, катердар тутуллубуттара. Саха сирэ сөмөлүөттэри көтүтэн аҕалар “АлСиб” трасса киининэн буолан кыайыыга олук уурсубута.
1945 сыллаахха Рейхстаг эркиннэригэр, колуонналарыгар “Биһиги Саха сириттэн сылдьабыт” диэн суруктары хаалларбыт күндү биир дойдулаахтарбытынан киэн туттабыт!
Ыам ыйын 9 күнүнээҕи параакка кыттар Ийэ дойдубутун фашистартан көмүскээбит, уоттаах сэриини ортотунан ааспыт бэтэрээннэрбит ахсааннара сылтан сыл аҕыйаан иһэр. Сэриигэ кыттыбыттар ааттарын үйэтитии – ытык иэспит буолар. Мемориаллары, пааматынньыктары оҥоруу, хорсун быһыы туһунан өйдөбүнньүктэри харыстааһын, устуоруйа тулхадыйбат өйдөбүлүн көмүскээһин – бу барыта биһиги оҕолорбут, сиэннэрбит сэбиэскэй норуот хорсун быһыытын умнубаттарыгар, төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээх дьон буола улааталларыгар туһуланар.
Бүгүн Саха сирин Национальнай архыыба өрөспүүбүлүкэ военкоматтарын архыыптарын сыыппараҕа көһөрдө. 1941-1945 сс. Аҕа дойду улуу сэриитигэр Саха сириттэн ыҥырыллан барбыт 61 665 буойун туһунан чахчылар ситимҥэ киирдилэр.
Сылын ахсын өрөспүүбүлүкэ уонунан тыһыынча олохтооҕо Өлбөт үйэлээхтэр полктарын кэккэтигэр сэрии уотун ааспыт аймахтарын мэтириэттэрин тутан сэлэлээн хаамаллар. Сиэн оҕо хос эһээтин мэтириэтин тутан хаамара – үтүө бэлиэ. Биһиэхэ барыбытыгар кыайыы ытык суолталаах.
Бүгүн өһүөннээх күүстэр биһиги дойдубутугар, аан дойдуга барытыгар суоһуур кэмнэригэр бу хаамыы ураты суолтата күүһүрэр. Хайдахтаах курдук сүҥкэн сүтүгү көрсөн туран хара дьайдаах фашизмтан атын норуоттары көмүскээбиппитин бүгүн аан дойду өйдүөн баҕарбат. Кыайыыны аҕалбыт көлүөнэ оҕолоро уонна сиэннэрэ Аҕа дойду көмүскэлигэр туруннулар. Олор кэккэлэригэр Саха сирин олохтоохторо эмиэ бааллар.
Ыам ыйын 9 күнэ биһиэхэ мэлдьи ураты бырааһынньык буолуоҕа. Кыайыы күнэ – хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ ытык өйдөбүл.
Аҕа дойду улуу сэриитигэр Кыайыы күнүнэн!
Күндү Саха сирин олохтоохторо, эһиэхэ уонна чугас дьоҥҥутугар – чэгиэн-чэбдик буолууну, эйэлээх ыраас халлааны баҕарабын!
Айсен Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана
This post was published on 09.05.2022 11:42 11:42