Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Хомус күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Хомус – саха норуотун кутун-сүрүн иҥэринэ сылдьар хомуһуннаах ытык малбыт. Хомус этигэн дорҕоонун, хомуһу тардар үгэһи чөл хаалларыы уонна сайыннарыы ытык иэспит буолар. Хомус аан дойду энтузиастарын, учуонайдарын, чинчийээччилэрин, виртуозтарын, хомусчуттарын уонна уопсастыбаннас үгүс өрүттээх үлэлэрин көмөтүнэн Саха сирин үтүө аатын, суон сураҕын биллэр бэлиэтинэн буолла, саҥа тыыннанна.
Саха хомуһа бүгүн аан дойду талааннаахтарын айымньылаах үлэҕэ түмэр уонна кынаттыыр. Өрөспүүбүлүкэбит киин куората – Дьокуускай – аан дойдуга баар варганнай муусука кииннэриттэн биирдэстэрэ. Маныаха биллиилээх хомусчут-виртуоз, учуонай, чинчийээччи Иван Егорович Алексеев көҕүлээһининэн тэриллибит Аан дойду норуоттарын хомуһун түмэлэ уонна киинэ сүҥкэн кылааты киллэрбитэ. Бу Киин кэлэктиибэ аан дойду норуоттарын муусукаларын култууратын түҥ былыргы жанрын – варганы тыаһатыыны –сайыннарыыга, саха хомуһун аан дойду таһымыгар таһаарыыга утумнаах үлэни ыытар.
Хомусчуттар уонна хомус уустарын сатабылларын сайыннарыы хомус үрдүк кыаҕын бигэргэтэр. “Хомус туһунан” истэн суруйуу 2019 сылтан ыытыллан, хабар иэнэ сыл кэҥээн иһиитэ дойдубут эригийиэннэрин уонна атын да дойдулар олохтоохторо биһиги төрүт култуурабытын сэҥээрэллэрин көрдөрөр. Уһуйааннарга уонна оскуолаларга төрүт култуура тыыныгар иитиллэн, хомуска тардар, куонкурустарга кыттар оҕо элбии турара ытык малбыт кэскиллээх буоларыгар эрэли үөскэтэрэ кэрэхсэбиллээх.
Күндү доҕоттор! Хомус алыптаах дорҕооно сүргэбитин көтөхтүн, айарга-тутарга кынаттаатын, эрэли эптин. Эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, эрчими, этэҥҥэ буолууну уонна дьолу-соргуну баҕарабын!
А.С. Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана
This post was published on 30.11.2021 11:08 11:08