Саха Өрөспүүбүлүкэтин Идэлээхтэр сойуустарын федерациятын эҕэрдэтэ

Күндү Сахабыт сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Идэлээхтэр сойуустарын федерациятын уонна тус бэйэм ааппыттан бука барыгытын саха омук национальнай бырааһынньыгынан – Үрүҥ Тунах Ыһыаҕынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Ытык күн – Ыһыах – айылҕа чэчирии тыллыытын, олох салҕаныытын, илгэ-быйаҥ бэлиэтэ. Өбүгэлэрбит бу күн ыраахтан-чугастан мустан, сандалы бастыҥын тардан, Үрүҥ күҥҥэ сүгүрүйэн, Үрдүкү Айыылардыын алтыһан, күөх сайыны көрсө үөрэ-көтө кэпсэтэн, күүстэрин холоһон, дуоһуйа сынньанан ааһар үгэстээхтэрэ.

Хас биирдии саха киһитэ Ыһыах түһүлгэтигэр өрө көтөҕүллүүлээхтик үктэнэр, Айыыларга, сир-дойду иччилэригэр сүгүрүйэн тус бэйэтигэр, чугас дьонугар үтүө олоҕу көрдөһөр. Үгүс үйэлэри уҥуордаан норуот бу үтүө үгэһэ умнуллубакка, баччаҕа тиийэн кэлэн, Саха сиригэр олохсуйбут үгүс норуоттар сөбүлүүр, ытыктыыр бырааһынньыктарынан буолла.

Ыһыах — сырдыкка, үтүөҕэ тардыһыы, дьон кэккэтигэр тэҥҥэ сылдьыһар баҕа санаа, саха төрүт культуратыгар ытыктабыллаах сыһыан туоһутунан буолла.

Бутун норуоту түмэр, сомоҕолуур сырдык бырааһынньык улахан иитэр-үөрэтэр суолталаах. Ыһыах түһүлгэтигэр ыччат дьон үктэнэн, саха омук төрүт үгэстэрин, культуратын кытта билсэллэр, сахалыы тыыны иҥэринэн, күүстэригэр күүс эбинэллэр. Бу барыта – норуот сарсыҥҥыта саргылаах, үлэ-хамнас кыайыылаах, ситиһиилээх буоларыгар, ил-эйэ олохсуйарыгар олук уурар.

Күндү Сахабыт сирин олохтоохторугар бу үтүө бырааһынньык күн туох баар сырдыгы, ырааһы, сарсыҥҥыга эрэли, дьиэ кэргэҥҥитигэр или-эйэни баҕарабын!

СӨ Идэлээхтэр сойуустарын Федерациятын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев

This post was published on 21.06.2016 12:42 12:42