Дьокуускайга Саха сирин хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар түмсүүлэрин III съеһэ буола турар. Өрөспүүбүлүкэ төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын бэрэстэбиитэллэрэ уонна түмсүүлэрэ социальнай-экономическай сайдыы боппуруостарын, булт хаһаайыстыбатын кыһалҕаларын, социальнай өйөбүл туһунан регион ситэриилээх былааһын үлэһиттэрин кытары кэпсэттилэр. Билигин Саха сиригэр 207 төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар түмсүүлэрэ бэлиэтэнэр.
Съезд официальнай чааһын кыһалҕалаах боппуруостары дьүүллэһииттэн саҕаланна. Бырабыыталыстыба 2 №-дээх дьиэтин аактабай саалатыгар делегаттар «Хоту дойду аҕыйах ахсааннаах норуоттарын социальнай өйөбүл: судаарыстыба көмөлөһөр кыаҕа уонна олохтоохтор кыһалҕалара»,« КМНС төрүт олохтоох сирдэрин социальнай-экономическай сайдыылара » диэн тиэмэнэн кытыннылар.
Өрөспүүбүлүкэ аҕыйах ахсааннаах норуоттарын долгутар сүрүн боппуруостарын Саха сирин түмсүүлэрин союһун бырабылыанньатын чилиэнэ Афанасий Степанов иһитиннэрдэ. :
«Табаны иитиигэ ордук улахан кутталы бөрөлөр үөскэтэллэр, манна болҕомто ууруохха наада. Ону таһынан, холобур Кэбээйи улууһун Сэбээн-Күөлүгэр аҕыс түмсүү уонна икки хаһаайыстыба үлэлииллэр. Көрөргүт курдук, биир дьоҕус нэһилиэнньэҕэ 10 хаһаайыстыба биир көрүҥҥэ үлэлиирэ, мин санаабар, соччото суох балаһыанньаны үөскэтэр. Инникитин бу төрүт общиналары ассоциация иһинэн холбуур, эбэтэр кооперацияҕа киллэрэн, боппуруостары өссө таһаарыылаахтык быһаарарга үлэ барыахтаах. Ону тэҥэ аҕыйах ахсааннаах норуоттар олорор сирдэригэр үлэлиир бырамыысыланнас хампаанньаларын кытта сөбүлэһиигэ олоҕуран үлэлиэхпитин наада. Сөбүлэһии түһэрсэн, миэстэлэригэр юридическай консультациялар олус наадалар. Община үбэ-харчыта мөлтөх, материальнай-техническэй базата суох уонна үлэһиттэр тиийбэттэрэ хомотор«.
Киэҥ ыҥырыылаах мунньахха кыттар Өлүөхүмэ улууһун аҕыйах ахсааннаах норуоттарын түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ Тамара Егорова санаатын үллэһиннэ.
«Тэрээһин бэрт тэтимнээхтик баран иһэр. Ааспыт съездка көрсүбүт кырдьаҕастарым бу да сырыыга тэтиэнэх туруктаахтарын көрөн олус үөрдүм. Элбэх түмсүүлэргэ тыын боппуруоһунан сир-уот кыһалҕата буолар. Ону хайдах быһаарар туһунан толкуй бара турар, тустаах дьаһалта дьон кыһалҕатын истэн үлэ хайысхатын таба салайара буоллар. Хомойуох иһин, сорох кыһалҕалар урукку да сырыыга этиллибиттэрэ эрээри, улахан уларыйыы тахсыбат. Бу сырыыга үлэ өссө күүскэ барыа диэн эрэнэбит уонна аныгыскы съездка диэри таһаарыылаах үлэни күүтэбит«, — диэтэ кини.