Саха сиригэр «Сыл ыала» Россиятааҕы куонкурус өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Куонкурус сэттэ номинациянан ыытылынна. Хас биирдии кыайыылаах Ил Дархан 300 тыһ солк бириэмийэтин ылла.
Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ ыаллара:
«Элбэх оҕолоох ыал» — Валерий уонна Розалия Новгородовтар, Хамаҕатта, Нам улууһа;
«Эдэр ыал» — Константин уонна Валерия Владимировтар, Ньурба куората;
«Тыа сирин ыала» — Руслан уонна Марфа Сидоровтар, Төҥүлү, Мэҥэ Хаҥалас улууһа;
«Көс ыал» — Василий уонна Елена Соловьевтар, Улахан Чыыстай, Муома улууһа;
«Оҕону иитэр ыал» — Александр уонна Оксана Павловтар, Дьокуускай;
«Кыһыл көмүс ыал» — Иннокентий уонна Розалия Алексеевтар, Элгээйи, Сунтаар улууһа;
«Ыал — үгэстэри харыстааччы» — Николай уонна Елена Рязанскайдар, Амма улууһа.
«Бөҕө туруктаах, дьоллоох ыал — биһиги баайбыт. Кыайыылаахтары ис дууһабыттан эҕэрдэлиибин уонна Россия таһымыгар куонкуруска ситиһиилэри баҕарабын. Онно биһиги өрөспүүбүлүкэбитин көрдөрүөхтэрэ», — диэн Ил Дархан тылларын суруйда t.me/aisen_nikolaev
This post was published on 13.06.2024 10:33 10:33