Саха онкологтара аан дойду бастыҥ клиникатыгар үөрэнэллэр

Саха сирин онкологтара профессиональнай таһымнарын куруук Россия улахан куораттарын онкология кииннэригэр үрдэтэллэр.  Бу күннэргэ торакальнай абдоминальнай хирургия отделениетын сэбиэдиссэйэ Владимир Лезнев уонна быраас-онколог Борис Бодунов аан дойду бастыҥ клиникатыгар — Россия доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин Н.Н. Блохин аатынан национальнай медицина киинигэр үөрэнэллэр.


Бэҕэһээ гемигепатэктомияҕа эпэрээссийэ буолла. 7-с нүөмэрдээх хирургия отделениетыгар быарга тахсыбыт искэни ыллылар. Эпэрээссийэни Данил Подлужный, отделение сэбиэдиссэйэ быраас-онколог, медицина наукатын кандидата оҥордо, ассистенынан Саха сиринээҕи онкодиспансер сүрүннүүр онколога Борис Бодунов үлэлээтэ.

Саха сирин онкологтара стажировка ааһар отделениелара быарга уонна ноорго тахсыбыт араас хайысхалаах искэннэри суох оҥорууга үлэлиир. Манна үөрэммиттэр Россия уонна СНГ дойдуларын медицина тэрилтэлэрин сүрүн исписэлиистэрэ уонна салайааччылара буолаллар. 

This post was published on 10.03.2021 18:01 18:01