Саха оҕотун уруһуйа бүтүн Арассыыйатааҕы уруһуй күрэҕэр сэҥээриини ылла

Кыайыы Мусуойа тэрийэн ыыппыт «Мои герои большой войны» диэн бүтүн Арассыыйатааҕы уруһуй күрэҕэр Саха сириттэн 17 саастаах Лидия Иванова уруһуйа «Дьон биһирэбилэ» номинацияҕа иккис миэстэни ылла.  


Уруһуй күрэҕэр барыта 10 тыһ тахса үлэ түмүллүбүт.

Оскуола үөрэнээччитигэр Мусуой аатыттан сертификат уонна саҥа экспозицияҕа онлайн-экскурсияны бэлэхтиэхтэрэ.

Күрэххэ түмүллүбүт үлэлэри https://victorymuseum.ru/online-programs/competition/konkurs-moi-geroi-bolshoy-voyny-/ көрүөххэ сөп.

This post was published on 26.04.2021 17:02 17:02