Литературнай музейга историк Афанасий Николаев «Саха в XVII-XX вв» кинигэтэ сүрэхтэннэ. 268 страницалаах таһаарыыга саха норуотун биир кэлим историята суруллар, 17 үйэ 30-с сылларыттан 1950 сылга диэри, суруйар СИА.
Ааптар эппитинэн, кинигэни суруйууга «Анналы» французскай историческай оскуола ньымата туттуллубут, ол эбэтэр событиелар «междисциплинарнай подход» өттүттэн көрүллүбүттэр.
«Энциклопедическай таһаарыы кэриэтэ, саха норуотун уонна Саха сирин историятын туһунан араас информация хомулунна уонна систиэмэлэннэ, аан дойду таһыма эмиэ учуоттанна. Өссө биир уратыта — история событиеларын айылҕа глобальнай климатическай уларыйыыларыгар тэҥнии тутааһын. Киһи айылҕаны кытта ыкса сибээстээх. Ити ордук 20-с үйэҕэ диэри бэлиэтэнэр күүскэ. Биһиги өбүгэлэрбит айылҕа хаппырыыстарыттан олус тутулуктаахтара», — диэтэ Николаев.
«Саха в XVII-XX вв.» кинигэ киэҥ эйгэҕэ ананар.
This post was published on 29.12.2022 15:01 15:01