Саха норуоттарын VIII спортивнай оонньууларыгар Нам улууһуттан 121 спортсмен, ону тэҥэ, массажистар, быраастар, тренердэр айанныахтара. Ол курдук, 150 кэриҥэ киһилээх делегация спартакиада устата Майаҕас орто оскуолатыгар олоруоҕа.
Өтөрүнэн буолбатах Саха сирин оонньууларыгар спортсменнар толору күүстэрин уонна кыһамньыларын сүүс бырыһыан ууруохтарыгар салалта эрэ буолбакка, спорка сүгүрүйээччилэр, спорду таптааччылар эрэнэллэр! Хаалбыт бириэмэҕэ Эҥсиэлибит хочотун эрэллээх эрэттэрэ, кыайыгас кыргыттара бэйэлэрин сааһыланыахтара: ис туругу, бэйэ бодону тардыныы, өйү-санааны, үтүөнү ыраҥаланыы.
Эрдэ этиллибитин курдук, быйылгы оонньууларга Нам улууһа 14 көрүҥҥэ кыттыаҕа – мини-футболга, остуол тенниһигэр күрэхтэһэр бырааба суох. Ол да буоллар, спортсменнар сорох көрүҥнэргэ үчүгэйдэтэн кэбиһиэхтэрин сөбүн спорт управлениетын салайааччыта Павел Иванов этэр.
Бу күннэргэ улуустааҕы спорт управлениета Майаҕаска олорор сири тиийэн көрдү-иһиттэ. Салайааччы Павел Иванов тылыттан, биэс күн устата Уус Алдан сиригэр-уотугар спортсменнары илдьэр-аҕалар техникалар хайдах быһыылаахтык сылдьалларыгар суол маршрута оҥоһуллуоҕа. Оттон аһылык өттүгэр, сүүмэрдэммит хамаанданы тотоойу аһынан 5-с остолобуой үлэһиттэрэ хааччыйыахтара.
От ыйын 3 күнүгэр сарсыарда 10 чаастан Александр Игнатьев скверигэр сүүмэрдэммит хамаанданы алгыстааһын тэрээһинэ ыытыллыаҕа. Нам улууһун чиэһин көмүскээччилэр Уус Алдаҥҥа айаннара, сырыылара табылларыгар алгысчыт Алексей Пинигин Аал уотун аһатан үөһэлэртэн көрдөһүөҕэ. Улуус олохтоохторо спортсменнарга үтүөнү баҕарар тыллара тиийэригэр сиэр-туом толоруутугар кэлэн кыттыһалларыгар спорт управлениета ыҥырар.
Көрүҥ аайы сөптөөх усулуобуйалар тэриллэн эрчимнээх дьарыктар буола туралларын Павел Гаврильевич этэр. Баҕар, бу этиигэ ким эрэ сөбүлэһэмиэн эмиэ сөп. Хас биирдии киһи ис санаата бэйэтигэр. Ол да буоллар, спорт управлениета улахан өттүн иилээн-саҕалаан кыайа-хото тэрийдэ.
«Улахан түһүлгэ эйгэтэ таһыччы атын буолар. Холобура, биир тыынынан өрө көтөҕүллүбүт хамаанданы тула өттүттэн ураты күүс эргийэ сылдьарын курдук буолааччы. Ол тута биллэр. Бэйэм спортсмен буоларым быһыытынан, ким хайдах туруктааҕын эндэппэккэ билэбин. Онон, таһымнаах күрэхтэһиигэ үгүс сыратын биэрбит, көлөһүнүн тохпут спортсментан бэйэтиттэн тутулуктаах.
Куруук этэрим курдук, табыллыы уонна соргу биһиги өттүбүтүгэр буоларыгар үлэлиибит, күрэхтэһэбит. Саамай киһи дьаарханара – спортсменнар күрэхтэһии кэмигэр эчэйии ылбаттара буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Спортсмен күүһэ бүтүннүү түмүллэр кэмигэр кэбирээччи. Холобура, иммунитета мөлтөөн тумууга түргэнник ылларан сыыстарыан сөп. Онон кини күүстээх харыстаныыга сылдьыахтаах.
Пандемия кэмигэр нэһилиэнньэ иһитиннэриилэри болҕомтолоохтук кэтээн көрөр буолла. Холобура, дьоммут-сэргэбит ким хайдах дьарыктааҕын, ханнык улуус төһө бэлэмнээҕин биһигиннээҕэр үчүгэйдик билэн олорор диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Билигин дьэ, үгүс көрөөччү сөбүлүүр хамаандатын, спортсменын эт хараҕынан көрө, ыалдьа кэлээри тэринэ сылдьар буолуохтаах. Көрөөччү, спортсмен ситимнээхтэр», – диэн билиһиннэрэр Павел Гаврильевич.
Буһуулаах-хатыылаах, киириилээх-тахсыылаах күннэргэ спортсменнары кытта спорт управлениетын үлэһиттэрэ бииргэ буолуохтара. Буоларын курдук, кинилэр усулуобуйа тэрийиэхтэрэ: табыгаһа суох түгэн тахсар кэмигэр спортсмеҥҥа эбиэтин аҕалан биэрии; ардахтаах тымныы күн турдаҕына шатер, палатка туруоруу; спортсмеҥҥа уоскулаҥ биэрии. Спорт буолан баран хайаан балыйсыыта, мөккүөрэ суох буолуой диэбиккэ диэри, маннык түгэннэргэ араҥаччылыыр, көмүскүүр кинилэр бырааптара.
Сергей Софронов, салайааччыны солбуйааччы:
— Күүтүүлээх Саха норуотун VIII спортивнай оонньууларыгар кыттар быраабы ылыы иһин, күүстээх үлэлэр, номнуо, былырыыҥҥыттан саҕаламмыттара. Ол курдук, аата-ахсаана биллибэт күрэхтэһиилэртэн путевкалары ыларбытыгар улуус дьаһалтатыттан улахан көмө оҥоһуллубута.
Иккис бөлөххө намнары олус күүстээх, ааттаах-суоллаах улуустар күүтэн тураллар. Эмиэ утуйар ууларын умнан, сынньанар диэн санааны киэр кыйдаан, үгүс үлэни ыыппыт хамаандалары кытта тэҥҥэ илин-кэлин түсүһэргэ бэлэммит. Төбөҕө үс иһигэр тахсан турары ойуулаан көрүөххэ наада.
Туһааннаах сиргэ тиийэн аккредитация ааһар эмиэ кэккэ уустуктардаах. Холобура, былырыыҥҥыттан саҥа сүүрээн киирбитэ – кыттааччы ГТО нормативтарын туттарбыта ирдэнэр. Бу салааҕа күүстээх үлэни Иван Яковлев салайааччылаах Ленскэй нэһилиэк иһинэн үлэлиир «Лидер» спортивнай киин ыытта. Бэлиэтээн эттэххэ, дьон-сэргэ Иван Васильевиһы улууһун туһугар элбэҕи уурар, ис дууһатыттан кыһаллар бэриниилээх туруу үлэһитинэн билэр.
Саха норуоттарын спортивнай оонньуулара бары улуустары дорҕоонноохтук аат ааттаан ыҥырыан иннинэ, кэккэ көрүҥнэрбитигэр бүтэһик күүстээх сбордар салҕаналлар: волейбол; бокс; көҥүл тустуу; остуол тенниһэ; буулдьанан ытыы. Холобура, боксердар хамаандаҕа бойобуой тыын үөскэтэннэр кими да киллэрбэттэр-таһаарбаттар, ыкса ситимнээхтик үлэлииллэр. Даҕатан эттэххэ, аҕыйах кэмҥэ тус олоххуттан, дьиэ кэргэҥҥиттэн тэйэр соччо судургута суох.
Салгыы, доруобуйаларынан хааччахтаах спортсменнарбыт дьаныардаахтык дьарыктаналлар. Аҕыйах хонуктааҕыта чэпчэки атлетика сборданан бүттэ. Ону тэҥэ, кыргыттарбыт Дьокуускайга аэробикаҕа сүрүн сбору аастылар. Ол эрээри, үөһэ ааттаммыттар бары, күҥҥэ биирдэ эрэ буолбакка, иккитэ дьарыктаналлар.
Урукку сылларга, спортсменнар бэйэ-бэйэлэрин толору билсибэккэ күрэхтэһэ барар эбит буоллахтарына, бүгүҥҥү күҥҥэ хартыына атын. Хас биирдии көрүҥ сборга сыыһаларын туоратан хайдах быһыылаахтык оонньуохтааҕын, күрэхтэһиэхтээҕин үөрэтиэҕэ. Ити курдук, сыыһалар-халтылар сборга көннөрүллэн, күрэхтэһэр көрүҥнэргэ туруулаһар чиҥ хамаандалар тахсыахтаахтар. Салгыы, бөлөхтөрү холбоон бигэ тирэхтээх бүтүн хамаанда оҥорор элбэх түбүгү, үлэни ирдиир.
Салайааччыбыт Иванов Павел Гаврильевич күүскэ үлэлиир. Бэйэтэ спортсмен буоларын быһыытынан, спортсменнар санааларын таайар, кинилэргэ быдан чугас. Холобура, спортсмен тугу этээри гыммытын сэрэйэр, билэр буоллаҕа.
Харысхан Попов
Эҥсиэли
This post was published on 01.07.2022 12:01 12:01