«Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр ханаалыгар оҕолорго анаммыт телевизионнай ханаал бэс ыйын 1 күнүгэр саҕаланыаҕа.
Баһылык Айсен Николаев пресс-конференцияҕа эппитинэн, оҕо тв-ханаала нууччалыы, сахалыы уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар тылларынан тахсыахтаах, суруйда ЯСИА.
«Ыччаты уонна оҕону иитии — сүрүн сорук, кинилэр үөрэхтээх уонна дойдуларыгар бэриниилээх буолалларыгар. Оҕо саас сылыгар элбэх үлэ ыытыллыаҕа, ол иһигэр оҕо тв-ханаала. Биэриилэр нууччалыы, сахалыы, төрүт хотугу норуоттар тылларынан барыахтаахтар, интэриэһинэй буолуохтаахтар», — диэтэ Айсен Николаев.
This post was published on 25.12.2023 13:01 13:01