Саха кыыһа Кытайга ыытыллар куонкуруска кыттар

«Мисс Якутия-2011» Олеся Кондакова-Захарова «Miss model of the world — 2016» кэрэ, талааннаах кыргыттар норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустарыгар Саха сирин аатыттан кыттар. Куонкурус Кытай Шэньчжэнь куоратыгар ыытыллар. Сэтинньи 6 күнүгэр тэрээһин бүтэһиктээх түмүгэ тахсар.


Бу куонкурус 1988 сылтан бэттэх дойду араас куораттарыгар ыытыллар. Олеся Кондакова-Захарова «Айыы-Куо» муода тыйаатырыгар дьарыктаммыта.

«Кыргыттар купальник кэтэн тахсыахтара, омуктарын таҥаһын көрдөрүөхтэрэ. Ону таһынан талааннарын, киэһээҥҥи былаачыйаны дьон сыанабылыгар таһаарыахтара. Олеся Марфа Шарина «Стерх» таҥаһын кэтэн тахсыа, хомуска оонньуо», — диэн СИА-ҕа «Айыы-Куо» муода тыйаатырын дириэктэрэ Валентина Сидорова эттэ.

Икки сыллаҕыта «Miss model of the world» куонкуруска «Мисс Якутия-2012» кыайыылааҕа Наталья Олесова кыттыбыта. Кини Августина Филиппова тикпит таҥаһынан кыттан «Бастыҥ национальнай таҥас» аакка тиксибитэ.

This post was published on 03.11.2016 11:06 11:06