Быйылгы Олимпиадаҕа Рио-де-Жанейроҕа ыытыллыбыт Сайыҥҥы Олимпийскай Оонньууларга 2000 волонтер үлэлээбит. Маны таһынан бэйэлэрин баҕаларынан 45000 киһи онно кыттыбыт. Саха сириттэн эмиэ сырыттылар.
Уонтан тахса күн устата биһиги кыргыттарбыт спортсменнарга, тренердэргэ чугас атас-доҕор курдук тэҥҥэ сылдьыбыттар.
«Бразилия дьоно, сериалларыгар курдук, үөрэ-көтө кэпсии-ипсии сылдьаллар эбит. Билигин кинилэргэ – кыһын. Ол да буоллар итии эрээри, арыый ичигэстик таҥна сылдьаллар. Биһиги итиргээн бөҕө(!!!). Араас дойдулартан кэлбит волонтердар бары биир сомоҕо буолан сырыттыбыт» – диэн волонтердаабыт кыргыттар Варя Павлова уонна Маша Жиркова кэпсээтилэр.
– Күн ахсын алта чаас үлэлиирбит. Сүбэ-ама биэрэн, көмөлөһөн, илии-атах буоллубут. Дьоҥҥо туһана аҕалан улахан дуоһуйууну, астыныыны ыллыбыт. Төрөөбүт дойдубутуттан тэлэһийэ сылдьан дойдубутун өссө күүскэ сыаналыыр, ытыктыыр буоллубут. Онон Россия спортсменнарыгар ис сүрэхпититтэн ыалдьыбыппыт, – диэн кыргыттар кэпсииллэр. Түгэнинэн туһанан, Варялаах Маша Саха сирин эдэр ыччата араас омук тылын үөрэтиҥ, инники диэки эрчимнээхтик хардыылааҥ диэн сүбэлээтилэр.
Норуот күүһэ – күмүөл күүһэ. Биһиги, аҕыйах ахсааннаах саха дьоно, экономикаҕа кириисис кэмигэр бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөстөхпүтүнэ эрэ сатанар. Оччотугар эрэ иннибит диэки дьулуһуохпут.
Волонтер-кыргыттар СӨ ыччат дьыалаларыгар уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин министрэ Афанасий Владимировка, волонтердар кииннэрин салайааччыта Анастасия Габышеваҕа, «Азия оҕолоро» Дирекцияҕа, «Сэттэ», «ЯХК» тэрилтэлэргэ уонна бары күүс-көмө буолбут дьоҥҥо барҕа махталларын тиэрдэллэр.
This post was published on 06.09.2016 10:13 10:13