Сахалар айылҕабытынан сэмэйбит. Ону ааһан өссө муҥкук соҕуспут. Төһөлөөх элбэх киһи ити “адаҕаттан” төлөрүйбэккэ, талаанын таһаарбатаҕа, кыаҕын туһамматаҕа буолуой? Кэлиҥҥи сылларга “Саха КВН” диэн сонун сүүрээн балысханнык сүүрүгүрэн, дохсун долгуҥҥа кубулуйан, ол долгунугар олорсубут оҕолор, нууччалыы этэххэ, “психологическай комплекса” суох улаатан эрэллэрэ – бу оонньуу ураты сабыдыала, ситиһиитэ.
— Мин бэһис кылааска диэри бэйэбин наһаа сэнэнэ, намтата саныырым, оҕолортон кыбыстарым. Тоҕо диэтэххэ, кэлэҕэйдиирбин күлүү-элэк гыналлара. Ол миэхэ наһаа улахан мэһэй буолбута. Онтон алтыс кылааһы бүтэрбит сайыммар эбэм Капиталина Ивановна өрөспүүбүлүкэтээҕи “Саха КВН” лааҕырыгар ыыппыта. Дьэ, манна кэлэн, 7 эрэ хонук иһигэр мин букатын атын киһи буола уларыйбытым. Баттыы сылдьыбыт “барьербын” төлө көтөн, бэйэбэр эрэллээх, сытыы-хотуу, кэпсэтинньэҥ, туохтан да толлубат уол оҕото буолбутум. Дьикти дии? Чахчы, оннук. КВН хас бирдии оҕону “арыйар” кистэлэҥ “күлүүстээх”, — диэн кэпсиир Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүттэн “Саха КВН” лааҕырыгар кэлбит Х кылаас үөрэнээччитэ Рудольф Макаров.
“Өрүү иннигит диэки көрүҥ!”
Бу лааҕыр быйыл XXI төгүлүн “Каландарашвили” оҕо сынньалаҥын киинигэр тэрилиннэ. Өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан барыта 80 оҕо мустан, 21 күн устата КВН-ны оонньуурга үөрэннилэр. Маастар-кылаастары “Саха Diamonds”, “Саха Чикас” курдук биллэр хамаандалар оонньооччулара ыыттылар.
Лааҕыры түмүктүүр күҥҥэ оҕолор икки ардыларыгар КВН күрэхтэһиитэ буолла. Ону көрө, СӨ Ыччат дьыалатыгар уонна дьиэ кэргэн политикатыгар миниистирэ Афанасий Владимиров кэлбит. Кини лааҕырга үлэлээбит баһаатайдарга, ол эбэтэр устудьуоннар Лигаларын “квнщиктарыгар”, кэнчээри ыччаты иитиигэ көмөлөрүн иһин Махтал суруктары туттартаата.
— Өрүү иннигит диэки көрүҥ, доҕоттоор! Бу лааҕырга сылдьан, наһаа сайдыбыккытын кэпсиигит. Дьэ, ол сайдыыгытын үөрэххитигэр, оскуолаҕыт уопсай үлэтигэр көрдөрүҥ. Үөрэх дьыла саҕаланара бу кэллэ. Дуоһуйа сынньаммыт, биллэ улааппыт, күүс-сэниэ, өй-билии ылбыт дьон ситиһиилээхтик үөрэниҥ, дойдугутугар туһалаах дьон буола улаатыҥ! – диэн Афанасий Семенович оҕолорго туһаайан эттэ.
Аныгы үөрэнээччилэри түмпүт, сомоҕолообут бу КВН оонньууну киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт Геннадий Охлопков (оҕолор бэйэлэрэ этэллэринэн, сахалыы тыллаах КВН “аҕата”) өйөбүллэрин иһин Афанасий Семенович Владимировка, Үөрэх министиэристибэтигэр, “Сосновый бор” оҕону чэбдигирдэр, сынньатар кииҥҥэ уонна баһаатайдарга, төрөппүттэргэ махталын тиэртэ.
“Бууйа-бууйа” бастаата
Лааҕырга төрдүһү бүтэрбиттэртэн саҕалаан уон биирискэ киирээччилэргэ тиийэ саастаах оҕолор, кырабын-улахаммын диэн арахсыбакка, тэбис-тэҥҥэ күлэн-оонньоон, күн аайы КВН-ҥа бэлэмнэнэн, бэрт иллээхтик сырыттылар.
Бу 80 оҕо бары, 5 хамаандаҕа арахсан, туохха үөрэммиттэрин көрдөрөр оонньуулара букатын өрөспүүбүлүкэтээҕи финал таһымыгар ыытылынна. Эчи, бары көхтөөхтөрүн, көрдөөхтөрүн уонна булугас өйдөөхтөрүн! “Улахан аҥаара сыанаҕа тахсыахтааҕар буолуох, дьон иннигэр саҥарбатах оҕолор. Олору “уһугуннаран”, уһуйан, күннэтэ дьарыктаан, маннык сайыннылар”, — диэн кэпсииллэр түбүктээх үлэлэрин түмүгүн туһунан баһаатайдар.
Хамаандалар төһө да бэһиэн чаҕылхайдарын иһин, күрэс аата күрэс, кыайыылааҕынан “Бууйа-бууйа” (сал. Дь.А. Андросов) тахсан, кубогынан, хас биирдиилэрэ мэтээллэринэн наҕараадаланнылар.
Артыыстыыр талааннаах Ким Новиков Амма Абаҕатыттан кэлбит. Үөрэх туйгуна уол ырыаҕа да, спорка да үчүгэй эбит. «Баҕа санаам— артыыс буолуу. Ийэм сүбэтинэн, Москваҕа Щепкин аатынан училищеҕа туттарсыам. Киинэҕэ уһуллуохпун наһаа баҕарабын. Ол иһин “Тыгын Дархан” кастиныгар холонон көрдүм. Эппиэттэрин эрэнэ күүтэ сылдьабын», — диир кини.
Тааттаттан бу лааҕырга 22 (!) оҕо кэлбит. Олортон биирдэстэрэ – Алеша Бехтюев:
— Биһиэхэ, Уус Таатта оскуолатыгар, КВН хамаандата диэн суох. Оонньуохпун наһаа баҕарар буоламмын, бу лааҕырга кэллим. Оҕолор талааннарын, киэҥ фантазиялаахтарын сөхтүм. Күннээҕи көстүүттэн араас көрүдьүөһү толкуйдаан таһаараллар. Кыбыстыбакка барытыгар кыттар, ыллыыр буоллум. Эһиил устудьуон буоллахпына, хайаан да КВН-ҥа сылдьыам. Тоҕо диэтэххэ, КВН — иллэҥ кэми бэйэҕэр туһалаахтык атаарарга бэртээхэй дьарык.
Бу лааҕыр көмүс куоластааҕа Ренат Мыреев:
— Биһиги Ленскэй улууспут нууччалыы эйгэлээх. Сахалыы үчүгэйдик бэчинчэлэр эрэ билэбит. Ол иһин биһиги оскуолабытыттан 5 оҕону ыыттылар. Айаммыт ороскуотун үөрэх салалтата уйунна. Мин, хата, ырыаһыт буолан хабылынным. Манна кэлэн, оҕо бөҕөтүн кытта билистибит. Сахалыы бары ыраастык саҥаралларын сөхтүм. Төрөөбүт тылбыт сүтүө суох дии санаатым. Онуоха “Саха-КВН” көмөтө, туһата улахан эбит.
This post was published on 01.09.2017 12:35 12:35