Саха АССР 100 сылын уонна Москваҕа Саха сирин күннэрин биир чаҕылхай тэрээһининэн «Ньургун Боотур» операны Улахан театр саҥа сыанатыгар толоруу буолла. Режиссёр Андрей Борисов туруоруутун көрөөччүлэр, култуура уонна искусство деятеллэрэ сэҥээрдилэр, кинилэр атахтарыгар туран ытыс таһыннылар, суруйар СИА.
Москваҕа «Ньургун Боотур» опера премьератыгар Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга РФ миниистирэ Алексей Чекунков, Ил Дархан Айсен Николаев сырыттылар. «Аан дойду таһымнаах туруорууну бу сыанаҕа көрөр олус үчүгэй. Саха артыыстарын үрдүк профессионализмнарын бэлиэтиир тоҕоостоох. Маннык үрдүк таһымҥа опера уонна айымньы киэҥ суолтатын тириэртилэр. Кэлин «Ньургун Боотуру» Улахан театр традиционнай сыанатыгар көрүөхпүт диэн эрэнэбин», — диэтэ Алексей Чекунков.
Алтай Өрөспүүбүлүкэтин баһылыгын сүбэһитэ, ЮНЕСКО дьыалаларыгар национальнай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Иван Белеков Российскай Федерация духуобунай нэһилиэстибэтигэр улахан кылаат киллэриллибитин бэлиэтээтэ. ««Ньургун Боотуру» Улахан театр сыанатыгар көрдөрүү бу чахчы историческай событие буолар бары евразийскай норуоттарга, Алтай Өрөспүүбүлүкэтин курдук бырааттыы норуоттарга. Саха норуота бэйэтин искусствотынан түүр омуктар сайдыыларыгар уонна духовнай идентификацияларыгар үгүһү биэрэр. Биһиги норуоттарбыт тылынан айымньылара баалларын тухары — биһиги норуоттарбыт тыыннаахтар. Маннык масштабтаах сыанаҕа саха улуу норуота тахсан, нацияларын сайдыытыгар кэскиллэрин түстээтилэр», — диэтэ кини.
Саха сиригэр «Ньургун Боотур» ахсынньы 28 күнүгэр опера уонна балет театрыгар туруоруллуоҕа.
Хаартыска: Андрей Сорокин
This post was published on 07.12.2022 09:04 09:04