Саха култууратыгар салама анала, оҥоһуллуута, туттуллуута

Саха киһитэ, сандал саас салаллан, самаан сайын сатыылыыр кэмигэр санаата көнөн, саргытын санаан, Үрдүк айыыларыгар, орто дойду иччилэригэр, үс дойду үтүөлэригэр сүгүрүйэр үгүс сиэри-туому тутуһан үйэлэри уҥуордаан кэллэҕэ. Саха омуга быдан дьыл быыһыттан, үгүс сыл түгэҕиттэн күн бүгүҥҥэ диэри тыыннаах илдьэ кэлбит төрүт өбүгэтин үгэһинэн сайыны көрсө ыһыах ыһар. Сайын сатыылыыр, сайылыкка тахсар кэрэ кэмигэр саха дьоно түөлбэлэнэн олорор сирин-дойдутун иччилэрин күндүлүүр-маанылыыр идэлээх. Оннук сылын ахсын сүгүрүйэр күүстэригэр аналлаах сиэргэ-туомҥа салама оҥорон ыйыыр үгэстээҕэ.


Биһиги аныгы кэмҥэ, өрөспүүбүлүкэҕэ сайылыктааһын, сүөһү иитиитэ болҕомто киинигэр ылыллыбыт кэмигэр, төрүт үгэһи тилиннэрэр, сөргүтэр санаа олохсуйбут түгэнигэр, салама аналын, хайдах оҥоһулларын, туттулларын туһунан санаабытын үллэстиэхпит.

Саха олоҕун-дьаһаҕын, култууратын үөрэппит өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи көлүөнэ чинчийээччилэр, бэлитиичэскэй сыылынайдар саха киһитэ саламаны ыйыыр үгэһи халбаҥнаабакка тутуһарын туһунан чуолкайдык суруйбуттара. Бу көлүөнэ бастакы чинчийээччилэриттэн биирдэстэрэ, Я.И. Линденау, XVIII үйэ бастакы аҥаарыгар бэлиэтээбитинэн сахалар Сир иччитигэр сүгүрүйэн, айаннаан иһэн өрүс биэрэгэр, хайа быыһыгар сылгы сиэлин ыйыылларын туһунан суруйбута. Кини, айанньыттар ардыгар Иччитэх маска (Линденау бэйэтин бэлиэтээһинэ – Л.Е.) дойду иччитэ олохсуйан олорор диэн санааттан тохтоон, бэлэх биэрэн, сиэл ыйаан ааһаллара диэн бэлиэтээбитэ.

Үлэ ааптардара:

Атын айанньыт, А.Ф. Миддендорф, 1844-1845 сылларга Саха уокуругар кэлэн сылтан ордук үлэлээбитэ. Онно киниэхэ саха дьоно сирдьитинэн сылдьыбыттара. Кинилэр айан кэмигэр үгүс элбэх өрүһү, үрэҕи, хайаны туоруур кэмнэригэр булгуччу тохтоон, иччилэргэ сүгүрүйэн, сиэл ыйаан ааһалларын туһунан Миддендорф бэрт сиһилии суруйбутун бэлиэтиэххэ сөп. XIX үйэ бүтүүтэ Р.К. Маак Бүлүү өрүс эҥээр эспэдииссийэҕэ сылдьан, олохтоох сахалар олохторун-дьаһахтарын үөрэппитэ. Кини саха дьоно иччилэргэ, үрдүк күүстэргэ сүгүрүйэн, сиэли, өрбөх, тирии сыыһын, кус куорсунун бэлэхтииллэрин туһунан суруйбута. Айанын устатыгар саха киһитэ сиэл укта сылдьарын эбэтэр бэлэххэ анаан атын сиэлин быһа баттаан ылан туттарын эмиэ ахтыбыта. Эспэдииссийэҕэ үлэлэспит эбэҥки дьоно бэйэлэрин сүгүрүйэр күүстэригэр – иччилэргэ анаан таба тириитин сыыһын бэлэх ыйыылларын туһунан суруйбута.

1868 сылтан Саха сиригэр Дьааҥы сиригэр-уотугар сыылкаҕа олорбут, бэйэтэ болкулуору үөрэтэр идэлээх, нуучча норуотун ырыаларын биир бастакынан хомуйан бэчээккэ таһаарбыт И.А. Худяков саха киһитэ саламаны хайдах оҥорон туттарын, ханнык кэмҥэ ыйыырын сиһилии суруйбутун бэлиэтиибит. Кини ордук эр дьон бултуу барарыгар салама эбэтэр дэлбиргэ ыйыырын туһунан бэлиэтээбитэ бэрт кэрэхсэбиллээх. Иван Александрович, болкулуору чинчийэргэ идэтийбит киһи быһыытынан, саха үгэһигэр салама уонна дэлбиргэ диэн икки тыл сэргэ туттулларын туһунан бастакынан чопчу ыйбыта. Булчуттар саламаны Хара тыа иччитигэр Субаҥ уолугар, Субаҥ кыыһыгар (Худяков бэйэтэ суруйбутунан – Л.Е.) анаан, кэһии диэн ааттаан икки мас ардыгар, киһи илиитэ төһө уунан тиийэринэн ыйыыллар эбит. И.А. Худяков биир ураты үтүөтүнэн булчуттар саламаны хайдах оҥортороллорун ыйбыта буолар. Эриэн ситиигэ куобах тириитин, сылгы сиэлин уонна тоҥсоҕой түүтүн иилэн салама оҥороллор эбит. Ситиигэ бу үс көрүҥтэн сэттэлиини харыс холобурдаах арыттаан иилэллэр диэбитэ.

Биһиги Иван Александрович чинчийээччи быһыытынан олус кыраҕытын, мындырын сөҕөн өссө биир түгэни бэлиэтиибит. Кини Дьааҥы сорох дьоно балыгынан иитиллэн олорор буолан, муораҕа тахсыахтарын иннинэ Байҕал, дойду, хайа иччитигэр ойуунунан сиэр-туом толоттороллорун суруйбута. Ойуун биэрэккэ ситимҥэ (Худяков бэлиэтээбитинэн – Л.Е.), биһиги өйдүүрбүтүнэн ситиигэ, тоҕустуу куобах, нэтээги (көтөр кутуйах) тириитин, көтөр түүтүн иилэр эбит. Маны таһынан, өрүскэ Дьааҥы дьоно эмиэ ойуун көмөтүнэн биэрэккэ сэттэ титириги анньан баран, сэттэ былас уһуннаах ситиигэ куобах тириититтэн сэттэ кэрчиги, сэттэ кус түүтүн сүүмэҕин кынаттарыныын ардыгар сэттэ тыҥырахтаах көтөр уонна сэттэ кэҕэ түүтүн сүүмэҕин иилэр эбиттэр. Дьиктитэ диэн – бастакы титириги ууга, атыттары биэрэккэ анньаллар диэн суруллар. Оччоҕо салама биир уһуга ууга, иккис уһуга биэрэккэ кымыстаах иһиккэ намылыйар гына туруоралларын чинчийээччи суруйан хаалларбыт.

Таатта, Нам улуустарыгар уһун кэмҥэ сыылкаҕа олорбут, сахалар тустарынан билим эйгэтигэр бастакы улахан үлэни суруйбут В.Л. Серошевскай салама хайдах оҥоһулларын сиһилии ойуулаабыта. Кини ситии икки өҥнөөх – үрүҥ уонна хара буолар диэн бэлиэтээбитэ. Маны таһынан саламаҕа анаан убаһа уонна биэ сиэлин эрэ сэлбийэн туһаналларын тоһоҕолоон ыйбыта. Атыыр сылгыны уонна аты сэлбийбэттэр диэн суруйара бэрт интэриэһинэй. Ситии утахтарын саха дьахтара ньилбэгэр хатан бэлэмниирин эмиэ бэлиэтии көрбүтэ уонна хаппыт быалара кытаанаҕын сөҕөн суруйан хаалларбыта. Өссө ойуун ытык дабатар кыырыытыгар салама туттулларын эмиэ бэлиэтээбитэ. Ол курдук, «между елками натянута тонкая волосяная веревка, украшенная пучками белых конских волос» [Серошевский 1993, с. 623] диэн суруйбута. Нам дьоно саас муус бардаҕына, өрүс эһиннэҕинэ, Байанайга (эбэтэр балыксыт сүгүрүйэр иччитигэр – Укулааҥҥа) анаан салама ыйыыр эбиттэр. Онно икки маһы анньан, биирин ууга, иккиһин биэрэккэ Дьааҥы дьонун курдук туруораллара ыйыллар. Икки ардыгар ситиигэ сиэли, өрбөх сыыһын иилэн салама оҥорон ыйыыллар эбит. В.Л. Серошевскай саха дьоно бэлэх быһыытынан эбэҕэ ас бастыҥын (арыы, алаадьы уо.д.а.) бэрсэллэр диэн 1889 сыллаахха суруйбута.

Сыылынай С.В. Ястремскай дойду иччитигэр салама ыйыыр сиэрин-туомун 1886 сыллаахха Дүпсүн олохтооҕо Н.К. Жирков тылыттан суруйбута. Онно суруйбутунан, ситиигэ тоҕус оҕуруо киэргэллээх тарбыйах кыра томторугун, тирии сүүтүгү, тоҕус араас кус кынатын, тоҕус эгэлгэ таҥас кырадаһынын иилэн салама оҥороллор эбит [Ястремский 1929, с. 205].

Э.К Пекарскай саха тылын тылдьытыгар салама, дэлбиргэ салама диэн өйдөбүллэри киэҥник ырытан киллэрбитэ. Онно суруллубутунан, саха тылыгар салама «шнур из конского волоса (ситии) с навешанными на нем пучками конской гривы, прикрепленный срединою к столбу (баҕах), а концами к воткнутым в землю по обеим сторонам этого столба березками» уонна «волосяная нить с нанизанными на нее дарами добрым и злым духам; предмет жертвоприношения, жертва, вешаемая на деревьях» диэн өйдөбүллээх. Маны таһынан Э.К. Пекарскай саха тылын атын түүр омук jaлама, чалаба («священная веревочка, растянутая между двумя березами, увешанная тряпочками») диэн тылын кытта чугас дьүөрэлээҕин ыйбыта. Өссө бүрээт тылыгар залама «украшения из разных ленточек, шкурок и прочее на молодых деревцах, водружаемых в открытом месте во время жертвоприношений духам местностей» диэн сахалыы салама ис хоһоонугар эмиэ олус чугас суолталааҕын бэлиэтээбитэ [Пекарский 1959, ст. 2039].

Эдуард Карлович тылдьыкка дэлбэргэ уонна дэлбиргэ салама диэн икки өйдөбүлү киллэрбитэ. Кини бастакы дэлбэргэ, дэлбиргэ, дөлбүргэ (дэбдэргэ, дэбдиргэ) хас да барыйааннааҕын ыйар уонна бу тыл бүрээт тылыгар баар дэрбэлгэ «ленты, которыми украшены березы на таилганах (общественных жертвоприношениях)» тылга маарынныыр суолталааҕын бэлиэтээбитэ. Дэлбэргэ Э.К. Пекарскай тылдьытыгар «веревка из белой конской гривы, употребляемая для перевязывания чаш и ковшей во время ысыаха [кумысного праздника]» диэн суолталаах эбит. Манна дэлбиргэ салама «жертва, приносимая для умилостивления местного духа-покровителя» икки тылтан үөскээбит өйдөбүл киирбит [ыйылл.лит., ст. 688]. Бүрээт билиҥҥи тылыгар дэрбэлгэ «белая веревка из волоса конской гривы с разноцветными миткалевыми лентами» диэн өйдөбүллээҕин, уонна онно эбии «в древности к веревке дэрбэлгэ, вероятно, привязывали пучки волос из конской гривы, как это делается у якутов на обряде ысыах» диэн бэрэпиэссэр Д.С. Дугаров бэлиэтээбитэ. [Дугаров 1991, с. 47]. Оччотугар саха тылыгар  дэлбиргэ салама сыстыы ситиминэн монгуол уонна түүр тылыттан үөскээбит холбуу тыл «үрүҥ сиэлтэн хатыллыбыт салама» диэн суолталаах буолар диэххэ сөп.

Саха култууратыгар ойууннааһыны аан бастакынан үөрэппит сыылынай В.Ф. Трощанскай Тааттаҕа олорбута. Кини саха дьоно сүөһүнү араҥаччылыыр аналлаах хотон иччитигэр Ньаадьы хотуҥҥа (Трощанскай бэлиэтээбитэ – Л.Е.) анаан, салама бэлэмнииллэрин суруйбута. Саламаҕа тоҕустуу кырачаан ыаҕыйа, тарбыйах томторуга уонна сиэл иилэллэрин ыйбыта. Киниэхэ Боотуруускай улууһун иккис Игидэй нэһилиэгин олохтооҕо Лука Унаров саха киһитэ сүөһүтэ сүттэҕинэ, ситиигэ өрбөх сыыһын, ынах, сылгы моһуоннаах хас да оҥоһугу иилэн ыйыырын кэпсээбит.

Сэбиэскэй кэмҥэ саха бастакы үөрэхтээхтэриттэн биирдэстэрэ А.Е. Кулаковскай дойду иччитигэр дэлбиргэ туруорар сиэрин-туомун сиһилии суруйан хаалларбыта. Онно суруйбутунан саха дьоно ситиигэ сэттэ сиринэн үрүҥ сиэл утаҕын, үс кыра туос торбос томторугун, үс туос кыра тууйаһы иилэн саламаны оҥорон ыйыыллара. Маны таһынан ойуун «Төрүүр тардар» диэн сүөһү үөскүү-тэнийэ турарыгар аналлаах кыырыыта баар эбит. Онно дойду иччитигэр анаан дэлбиргэ туруоралларын туһунан кэпсэнэр. Үстэн тоҕуска диэри ахсааннаах кыра сэргэҕэ эриэн ситиигэ үрүҥ сиэли, тарбыйах кырачаан томторуктарын, кулунчук үрүөлэрин, арыылаах кымыстаах кыра тууйастары иилэн салама оҥороллоро [Кулаковскай 1979, с. 95-96].

Болкулуору хомуйан үгүс үлэни үмүрүппүт кыраайы үөрэтээччи А.С. Порядин 1961 сыллаахха ыһыах кэмигэр икки араас салама туттулларын бэлиэтээбитэ. Чэчиргэ ыйыыр саламаны эриэн ситиигэ араас өҥнөөх таҥас кырадаһынын, кыра торбос томторугун уонна кус кынатын иилэн оҥороллорун туһунан суруйбута. Өссө саха дьоно Аар баҕахха хас тоҕус эргиир ойуутун үрдүнэн ситиигэ сиэл сүүмэҕин иилэн оҥоһуллубут саламаны эргитэ ыйыылларын ыйбыта [Порядин 1961, с. 67-68].

И.С. Гурвич Өлөөн сахалара булт кэхтэн хааллаҕына, «Чычыпкаан» арчы сиэрин-туомун толороллорун туһунан суруйбута. Чычыпкаан диэн кинилэр, быһа барыллаан икки миэтэрэ усталаах мастан ойо быһан сирэйдээн-харахтаан антропоморфнай чуучала оҥорор эбиттэр. Чуучала иннигэр маска салама ыйыыллара. Чинчийээччи ситиигэ араас өҥнөөх таҥас сыыһын уонна сиэли иилэллэр, өссө саламаттан аллараа иккис саламаны – дьэлбэргэ ыйыыллара диэн бэрт дьикти тэрээһини суруйан хаалларбыта баар. Саламаттан уратыта диэн дьэлбэргэҕэ эбии күндү түүлээх тириитин ыйыыллар эбит [Гурвич 1948, с.78].

Н.А. Алексеев саха уонна түүр омук төрүт үгэһин, ойууннааһыны дириҥник ымпыктаан-чымпыктаан үөрэппитэ. Кини сахалар дойду иччитигэр, Иһэгэй Айыыһыкка уонна ыһыахха сүгүрүйэр бэлиэлэрин – кырачаан торбос томторуга, ыаҕыйата уонна сиэл киэргэллээх саламаны бэлэх ууналларын ыйбыта [Алексеев 2008, с. 81, 84, 93]. Дьиэ кэргэн үгэһин үөрэппит Пл.А. Слепцов саха дьоно дойду иччитигэр Аан Алахчын хотуҥҥа анаан, ситии эбэтэр салама ыйыыр сиэр-туом толороллорун сиһилии суруйбута. Кини инники чинчийээччилэр ыйбыттарын курдук эриэн ситиигэ өрбөх сыыһын, кырачаан туос томторуктары, ыаҕыйалары иилэри таһынан үс чыычаах түүтүн сүүмэҕин иилэллэрин бэлиэтээбитэ [Слепцов 2017, с. 88]. Уонна дьахтар быыһанар кэмигэр эриэн ситиигэ сэттэ сиринэн үрүҥ сиэли иилэн, салама хатан ыйыыллар эбит диэн суруйбута.

Саламаны ойуун сиэригэр-туомугар эмиэ тутталлара. Онно үгүстүк тэрээһин аналыттан тутулуктаах буолан, араас оҥоһуулаах салама туттулларын туһунан сахалартан бастакы этнограф А.А. Попов суруйбута. Сорох кыырыыга ойуун эриэн ситиигэ тоҕус сиринэн кус куорсунун түүтэ, аҕыс сиринэн таҥас кырадаһына, тоҕус сиринэн туос эмэгэт иилиллибит саламатын туттара. Ыараханнык ыалдьыбыт киһиэхэ эриэн ситиигэ сэттэ сиринэн өрбөх иилэн салама туруорара. «Уу ытыга» диэн ааттаах кыырыыга эриэн ситиигэ сиэл, кус дабыдалын ыйатан салама оҥортороро.

Түмүктээн эттэххэ, саха култууратыгар салама үгүс сиэр-туом ураты бэлиэтин быһыытынан сыаналанара, омук сүгүрүйэр күүстэригэр бэлэх быһыытынан туттуллара. Саха киһитэ быдан былыргыттан силис тардыбыт өбүгэтин үгэһин умнубакка, саламаны күн бүгүҥҥэ диэри култууратын тирэх бэлиэтин быһыытынан кистэлэҥ ис хоһоонноон илдьэ кэллэ. Бастатан туран, саха дьоно ыһыах ыһарыгар Үрдүк айыыларга, иччилэргэ анаан алгыс түһэрэр кэмигэр үс дойду хара дьайдаах өттүн бүөлүүргэ Аар баҕаҕы, сэргэлэри, чэчири кытта ситимнээн, холбуу баайан харысхал быһыытынан туһанара. Иккиһинэн, салама олоххо-дьаһахха, күннэтэ кэриэтэ толоруллар сиэргэ-туомҥа булгуччу туттуллара. Чинчийээччилэр үксүн сахалар дойду, хайа, тыа, байҕал, өрүс, үрэх иччилэригэр анаан салама бэлэх быһыытынан бэриллэрин бэлиэтээбиттэрэ. Үсүһүнэн, ойуун кыырыытыгар туттуохтаах саламатын кыырыы аналыттан көрөн оҥортороро эмиэ уратылаах буолар эбит. Булчуттар булт кэхтибит кэмигэр ойууну кыырдаран, тыа иччититтэн ааттаһан-көрдөһөн туспа оҥоһуулаах салама ыйыыллар эбит.

Литэрэтиирэ:

  1. Линденау Я.И. Описание народов Сибири: I пол. XVIII в. – Магадан: Книжное изд-во, 1983. – 175 с.
  2. Миддендорф А.Ф. Путешествие на Север и Восток Сибири. Часть II, отдел VI. – СПб., 1878. – 833 с.
  3. Худяков И.А. Краткое описание Верхоянского округа. – Л.: Изд-во «Наука», 1969. – 438 с.
  4. Серошевский В.Л. Якуты. Опыт этнографического исследования. – М., 1993. – 736 с.
  5. Ястремский С.В. Остатки старинных верований у якутов // Образцы народной литературы якутов. Том VII. – Л., 1929. – С. 195-213.
  6. Пекарский Э.К. Словарь якутского языка. В 3 томах. – Л.: АН СССР, 1958-1959. – 3858 ст.
  7. Трощанский В.Ф. Эволюция черной веры (шаманства) у якутов. – Казань: Типо-литография Импер-го университета, 1903. – 185 с.
  8. Дугаров Д.С. Исторические корни белого шаманства (на материале обрядового фольклора бурят). – М.: Наука, 1991. – 300 с.
  9. Кулаковский А.Е. Научные труды. – Якутск: книжное изд-во, 1979. – 484 с.
  10. Порядин А.С. Праздник ысыах второй половины XIX в. // Сборник статей и материалов по этнографии народов Якутии. Вып. 2. – Якутск: Якутское книжное изд-во, 1961. – С. 67-76.
  11. Гурвич И.С. Охотничьи обычаи и обряды у населения Оленекского района // Сборник материалов по этнографии якутов. – Якутск, 1948, с. 74-94.
  12. Алексеев Н.А. Этнография и фольклор народов Сибири. – Новосибирск: Наука, 2008. – 494 с.
  13. Слепцов Пл.А. Научные труды. Публикации. – Якутск: Издат. дом СВФУ, 2017. – 332 с.
  14. Попов А.А. Камлания шаманов бывшего Вилюйского округа: (Тексты). – Новосибирск: Наука, 2008. – 464 с.

This post was published on 19.06.2020 11:02 11:02