Саха коронавирустан «Бетукладин» БАДа этэҥҥэ клиническэй тургутуктары ааста

Саха учуонайдара хатыҥ туоһуттан уонна лабыктаттан оҥорон таһаарбыт коронавирустан харыстанар «Бетукладин» диэн препараттара иккис клиническэй тургутууну этэҥҥэ ааспыт. Бу туһунан РИА суруйар.


«Бетукладин» өссө 2018-2019 сылларга анал клиникаларга тургутууну ааһан, туберкулезка итиэннэ «В+D» гепатикка үчүгэй түмүгү көрдөрбүтүн туһунан препараты оҥорбут биологическай наука дуоктара Борис Кершенгольц кэпсиир.

Онтон коронавирустан харыстаныыга тургутук ахсынньы 30 күнүгэр түмүктэммит.

«Ыараханнык коронавирустаабыт дьон «Бетукладин» көмөтүнэн түргэнник чөллөрүгэр түспүттэрэ бэлиэтэммитэ. Кинилэр түргэнник сылайаллара, депрессияҕа түһэллэрэ аччаабыта, сэниэлэммиттэрэ. «Бетукладины» испэтэх дьон 1-2 ыйынан ордук кэм урукку чөллөрүгэр туһэллэрэ», — диир Кершенгольц.

Маны таһынан коронавирустаабыт киһини кытары олорор дьон «Бетукладин» көмөтүнэн 13 төгүл кыратык сутуллубуттара быһаарыллыбыт. Ыалдьыбыт киһи препарат көмөтүнэн 45-53%-гар түргэнник итиэннэ чэпчэкитик аһарынара бигэргэммит.

Учуонай этэринэн, бетулин РНК-вирустарга, ол эбэтэр көтөр кириибигэр, А типтаах кирииптэргэ, боростуой герпеска, С гепатикка, ВИЧ-1 утарылаһар күүстээҕэ аан дойдуга биллэр.

Кершенгольц «Бетукладин» Арассыыйаҕа патеннааҕын, ол эрэн атыыга биодобавка быһыытынан регистрация аастаҕына, Роспотребнадзор сибидиэтэлистибэтин ыллаҕына тахсарын этэр. Кини препарат эмп буолбатаҕын, биологическай эбилик быһыытынан вируһу хабары кыччатарын, ыарыыны кылгас кэм иһигэр чэпчэкитик аһарарын, ыарыы кэннэ түргэнник чөлгө түһэрэр көмөлөөҕүн этэр.

This post was published on 13.01.2021 16:11 16:11