ОДьКХ уонна энергетикэ министиэристибэтин көҕүлээһининэн, тыйыс айылҕалаах сиргэ туруоруллубут соруктары сөпкө толорор дьиэ-коммунальнай хаһаайыстыба үлэһиттэрин биһириир сыалтан анал бэлиэ оҥоһулунна.
ОДьКХ миниистирин бастакы солбуйааччыта Вячеслав Емельянов иһитиннэрбитинэн, бэлиэнэн коммунальнай салаа сайдыытыгар биллэр кылааттарын киллэрбит үлэһиттэр бэлиэтэниэхтэрэ.
««Саха коммунальщига» бренд биһиги эрэ региоммутугар буолбакка, атыттарга эмиэ холобур буоларыгар баҕарабыт», — диэтэ биэдэмистибэ бэрэстэбиитэлэ.
This post was published on 19.03.2020 11:30 11:30