“Culture & Language” Япония сурунаалыгар саха литэрэтиирэтин төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй “Ойуун түүлэ” поэмата таҕыста.
Саппоро үнүбэрсиэтин бырапыассара Дзюнъити Судзуки айымньы тылбааһын көрдөрбүтүн туһунан ХИБҮ А.Е. Кулаковскай аатынан үнүстүүккэ иһитиннэрэллэр.
Үнүстүүт исписэлиистэрэ бэлиэтииллэринэн, поэма тылбааһа ХИБҮ уонна Саппоро үнүбэрсиэтэ (Япония) бииргэ үлэлэһии туһунан сөбүлэҥ түһэрсии чэрчитинэн оҥоһуллубут.
“Саха классигын нэһилиэстибэтэ аан дойду уопсастыбатын чааһа буолан эрэр. Бу тылбаас, өрөспүүбүлүкэ эрэ буолбакка, бүтүн аан дойду уопсастыбаннаһыгар сүрүн историческай түгэнинэн буолар. Аан дойдуга саха литэрэтиирэтин классик суруйааччыларын улуу айымньыларыгар интэриэс улаатыан уонна кинилэр айымньылара тылбаастанан, билиҥҥи сайдыылаах аан дойду билиитигэр тахсыахтарын баҕарабыт”, — диир ХИБҮ А.Е. Кулаковскай аатынан үнүстүүт дириэктэрэ Людмила Кулаковская.
Тиэкис тылбааһын Саппоро үнүбэрсиэтин проректора, бырапыассар Дзюнъити Судзуки бэлэмнээбит. Үнүстүүккэ иһитиннэрбиттэринэн, Япониятааҕы коллегаларбыт саха суруйааччытын атын биллэр айымньыларын тылбаастыыр былааннаахтар.
Ыспыраапка:
“Ойуун түүлэ” поэма 1910 сыллаахха суруллубута, масштабынан, бөлүһүөктээһининэн уонна тылын баайынан суруйааччы айымньытын чыпчаала буолар айымньы. Айымньы поэт, норуот олоҕун уонна билиҥҥи кэм кыһалҕаларын туһунан дириҥ бөлүһүөктээһинэ буолар.
This post was published on 10.02.2016 09:39 09:39