Саха сириттэн Григорий Максимов хаһыс да төгүлүн Кытайга буолар ультратрейл күрэҕэр кытынна. Төһө да күрэхтэһии саҕаланыан иннинэ эчэйии ылбытын иһин спортсмен бэйэтин сааһыгар 110 километр дистанцияны алтыһынан ааста. Ultra Trail Ninghai by UTMB планетаҕа саамай уустук ультратрейларга киирсэр диэн бэлиэтиибит.
Саха атлета дистанциятын 15 чаас 41 мүнүүтэнэн ааста уонна бэйэтин саастыылаахтарыгар алтыс кэллэ, уопсай зачетка 47- с буолла, барыта 2000 кэриҥэ киһи кытынна.
«Функционально Григорий бэлэм этэ да, хартыынаны барытын кыра эчэйии буортулаата. Күн-дьыл усулуобуйатын уонна тыраассаны учуоттаабаппын даҕаны. Инник турукка сылдьан, бэйэтин сааһыгар топ- 10 ахсааҥҥа киирбитэ үчүгэй көрдөрүү», — диэтэ спортсмен тренерэ Марфа Троева.
This post was published on 19.04.2023 17:05 17:05