Күрэһи тэрийээччилэр — «Тыл кыһата» айар холбоһук уонна «Сахамедиа» холдинг, Саха иһитиннэрэр агентство (СИА) — бачча элбэх үлэ киириэ диэн бэйэбит да сабаҕалаабатахпыт. Ити эрээри интернет ситиминэн хоһоон кутулла турда, үс саастаах кырачаантан саҕалаан 93 саастаах аарыма кырдьаҕаска тиийэ хоһоону доргуччу аахтылар.
Поэзия түһүлгэтин кыттааччылара норуот таптааллаах поэттарын айымньыларын кэрэхсииллэр. Алампа, Ойуунускай, Семен Данилов, Күннүк Уурастыырап хоһооннорун аахтылар. «Якутскцемент» АО коллектива «Үлэ киһитэ» диэн Леонид Попов хоһоонун бөлөҕүнэн ааҕан, видеоҕа устубут.
Маннык куонкурус аан бастаан иллэрээ сыл тэриллибитэ уонна быйыл сөргүтэн ыытылынна. Онуоха ааспыт Литература сыла уонна кыайыы өрөгөйдөөх үбүлүөйэ дьон-сэргэ санаатыгар үтүө өйдөбүлү хаалларбыта чуо биллэр. Үгүс кыттааччы хоһоонун албан ааттаах көлүөнэҕэ анаабыт.
This post was published on 09.02.2016 15:34 15:34