Саха дизайнера Александра Корякина Коста-Рика подиумугар коллекциятын таһаарда

Хаартыска: Анфиса Слепцова

Бу күннэргэ Коста-Рикаҕа Costa Rica Fashion Week Forever Green муода нэдиэлэтэ буолан ааста. Киһи сэргиэх, бу аан дойдутааҕы фестивальга Россияттан соҕотох модельер-дизайнер баран кыттан кэллэ. Ол Саха сириттэн төрүттээх, Ньурба улууһуттан силистээх-мутуктаах, ZA_ZA бренынан биллэр Александра Корякина буолар.

Кини билигин Санкт-Петербург куоракка олорор, айар-тутар. Александраттан бу сырыытын туһунан уонна муода эйгэтигэр хаһааҥҥыттан хайдах уһаарыллыбытын туһунан ыйыппыппар бу курдук кэпсээтэ:

«Мин оскуола кэнниттэн Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн колледжыгар үөрэммитим. Онно сылдьан “Адмиралтейская игла” дойдулар икки ардыларынааҕы куонкуруска кыттан бастакы миэстэни ылбытым. Бу ситиһиибиттэн сиэттэрэн, дьоҕурбун өссө чиҥэтээри, билиибин кэҥэтээри, иис кистэлэҥнэрин арыйаары Санкт-Петербургдааҕы технология уонна дизайн университетыгар туттарсан киирбитим. Ол курдук үрдүк үөрэх кыһатыгар алта сыл үөрэммитим.

Устудьуоннуур сылларбар араас куонкурустарга кыттан иһэрим. Үөрэҕи бүтэрэрбэр бэйэм коллекциябынан Великобританияҕа Graduated fashion week London подиумугар тахсыбытым. Ол кэнниттэн ZA_ZA диэн бренд оҥостон, араас таҥастары тигэ-тигэ олохтоох шоурумнарга атыылыыр буолбутум.

Сыл ахсын сылга иккитэ коллекция онорон муода нэдиэлэлэригэр кыттабын. Дойдубут киинигэр Москваҕа ыытыллар подиумнарга куруутун ыҥырыллан үлэбин көрдөрөбүн. Быйыл ол сырыттахпына Коста-Рикаҕа бараҕын дуо, диэн этии киирбитэ. Ол кэнниттэн Costa Rica Fashion Week Forever Green генеральнай дириэктэрэ Карина Диас Варгас тус ыҥырыытын туппутум уонна ыраах айаҥҥа туруммутум. Миигин кытта олоҕум эрэллээх аргыһа, кэргэним Георгий барсыбыта. Чопчулаан эттэххэ, иккиэн бииргэ үлэлиибит.

Айаммыт төлөбүрэ бэйэбититтэн этэ. Олоруубутун, кыттыыбытын уонна моделлары тэрийээччилэр бэйэлэрэ уйуммуттара. Ол тиийэн араас дойду дизайнердарын кытта алтыһан, кинилэр үлэлэрин көрөн-истэн, бэйэм коллекциябын подиумҥа таһааран дуоһуйдум, астынным.
Үлэбэр иэйиибин алтыспыт дьоммуттан, айылҕаттан, тулабар тугу сэргии көрбүппүттэн ылабын. Ис турукпун тутатына уруһуйга түһэрэн моделларым төрүүллэр.

Бу сырыттахпытына Россия посольствотын бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн өйөөбүттэрэ уонна тэрээһин кэнниттэн ыҥыран көрсүбүттэрэ. Онон бу сырыттан салгыы кынаттанан, билигин араас саҥа санаалаах, айарга иэйиилээх төнүннүбүт».

Александраҕа кэпсээнигэр махтанан туран үрдүк ситиһиилэри, инники сайдыыны баҕардым. Тус бэйэбиттэн бэлиэтээн эттэхпинэ, айар куттаах саха кэрэ куота кимтэн-кииннээҕин, хантан-хааннааҕын билиһиннэрэ түһүүм.

Кини Ньурба улууһун Өҥөлдьө нэһилиэгиттэн төрүттээх, талааннаах педагог, уһулуччу айар дьоҕурдаах, РСФСР Үөрэҕириитин туйгуна, «Саха-Азия оҕолоро» пуонда стипендиата, РСФСР Үтүөлээх учуутала, уран илиилээх норуот маастара Василий Николаевич Николаев орто кыыһа буолар. Ийэлэрэ Саргылана Николаевна эмиэ педагог, РФ Үөрэҕириитин туйгуна. Икки сыллааҕыта Николаевтар дьиэ кэргэн үс кыргыттара аҕаларын сырдык аатын кэриэстээн, кини үлэлэрин Санкт-Петербурга аҕалан быыстапка тэрийбиттэрэ. Онно Саха сириттэн төрүттээхтэр эрэ буолбакка, искусствоны сэҥээрэр олохтоохтор сылдьан сөхпүппүт-махтайбыппыт. Түмүгэр удьуор утума салҕанар эбит диэн бигэ эрэллээх тарҕаспыппыт.

Анфиса Слепцова, Санкт-Петербург к.

This post was published on 05.09.2024 10:03 10:03