«Саха дьахтарын дьоло» (Мария Алексеева–Арылы Дуйдаах «Дьол эргиирэ» хомуурунньугун туһунан)

Билиҥҥи кэмҥэ киэҥник биллэр саха поэтессата Мария Афанасьевна Алексеева-Арылы Дуйдаах “Дьол эргиирэ” диэн хоһооннорун хомуурунньугар анал бэлиэтээһиннэр бэриллэллэр. Ордук 2000 сылтан бэттэх киэҥ далааһыннаахтык айар үлэнэн дьарыктанар поэтесса сонун уобарастааһыннара анал чинчийиини эрэйэллэр. Ураты уйан ойуулааһыннара, хоһооннорун тэтимэ кини истиилин чопчулууллар. Оттон лириическэй героинята – гендернэй чинчийии өттүттэн улахан интэриэһи тардар.

Ааптардар: Попова Матрена Петровна, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн дассыана, билэлиэгийэ билимин хандьыдаата; Сутакова Диана Викторовна, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн М-ЛНРФ-20 маҕыстыраана

Күлүүс тыллар: лиирикэ; уобарас; саха дьахтара; лириическэй субъект.

Саха норуодунай суруйааччыта Н. Лугинов 2005 с. устудьуоннары кытта көрсүһүүгэ кэлэ сылдьан, маннык диэн этэн турардаах: “Литература чыпчаала – поэзия. Поэтическай көрүү баар буоллаҕына ырыа да суруллар, проза, драма да суруллар”.

Саха билиҥҥи олоҕор бэйээттии көрүү баар буолан, чахчы да литэрэтиирэбит сайда, саҥаттан саҥа ааптардар, үтүөкэнтэн үтүөкэн айымньылар сурулла турдахтара…

Биһиги бу ыстатыйабытыгар поэтесса Мария Алексеева – Арылы Дуйдаах “Дьол эргиирэ” диэн 2019 с. “Көмүөл” кинигэ кыһатын иһинэн бэчээттэммит хомуурунньугун ырытарга холонобут. Манна поэтесса араас сылларга суруйбут хоһооннорун оригинала уонна нууччалыы тылбааһа бэриллэр. Хоһооннор элбэхтик тылбаастанан тураллар: поэзияны сэҥээрээччилэртэн идэтийбит тылбаасчыттарга тиийэ. Холобур, идэтийбит тылбаасчыт Евгений Каминскай – Санкт-Петербург биллиилээх поэта, “Звезда” сурунаал эрэдээктэрэ – бу хоһооннору эмиэ тумна хаампат.

Хомуурунньук хоһооннорун сүрүн санааларын түмэн баран, манна саха дьахтарын дьолун туһунан уобарастаан этии баарын бэлиэтиибит.

Саха норуотун курдук кыргыттарын киэргэлинэн симээбит, оһуор-дьарҕаа таҥастаабыт омук суоҕун кэриэтэ диэччилэр. Баҕар, буолуо даҕаны! Ол эрээри, саха кыыһа, дьахтара, олох кэрэ көстүүтэ эрэ буолбакка, бу олоххо ураты суоллааҕын-иистээҕин, тыйыс айылҕалаах дойдуга тыыннаах хаалар, олох олорор туһуттан эр киһиттэн итэҕэһэ суох күннэтэ мөккүөргэ эриллэрин, маны таһынан мындыр өйдөөҕүн-санаалааҕын, тулуурдааҕын, дьүккүөрдээҕин уус-уран айымньыны аахтахпытына, ордук итэҕэйэбит.

Хоһооннор лириическэй субъектара кимий? Кини бастыҥалаах, сүүһүгэр “күнү иилиммит”, “сарбынньахтаах ытарҕалаах”, “сиккиэр тыалга тэлибирии көтөр халадаайдаах”, “дьэдьэн сыттаах ыаҕыйалаах”, “төрөппүттэригэр махталлаах кыыс оҕо”, “эйэҕэс ийэ”, “эр киһи уйан куттаах тапталлааҕа”, “сибэккилээх алаас нарын лыаҕа буолан тырымныыр сиэн кыыһы араҥаччылыыр эбэ”, алаадьылаах, чороонноох, хатыҥнаах, сэлэһэр ыйдаах, сүгүрүйэр күннээх уонна хомуһуннаах тыллаах, этэр санаалаах, олоҕу уруйдуур хорсун тойуксут буолар.

Хомуурунньук маҥнайгы хоһооно ийэ уобараһыгар анаммыт. Ийэ уол оҕотугар таптала, харыһыйар, аһынар санаата матыып буолан иһиллэр:

Намчы сарын уйарынан

Саһаан кыстанар,

Дьоһумсуйа боччумуран

Оҕом уот оттор.

Хоһоон түмүгэр “намчы сарыннаах” уолтан “дохсун санаа долгунунан дьолун оҥостор” саха уолана буола улаатар. Ийэ оҕотугар таптала кини дьылҕатын түстүүр баҕа санааҕа кубулуйар:

Унаар буруо куйаар устун

Күөгэйэ устар.

Манна поэтесса күннээҕи олоҕу судургу ойуулааһынтан сыыйа тэйэн, бөлүһүөктээн этии таһымыгар тахсар. Былыр-былыргыттан саха кыһыны хайдах туоруурун, этэҥҥэ кыстыырын өрүүтүн саныыр. Билигин даҕаны поэтесса саха киһитэ кыһыны туораабыт үөрүүтүн дьахтар кыһалҕаны мүччү түспүт үөрүүтүнэн көрдөрөрүн аҕыйах тылынан этэр:

Дьахтар аймах

Күөһүн өрөр,

Кыһалҕаны

Кыайбыт сүрэх

Күөҕү көрөр,

Көҕө көбөр.

Лирическэй героиня күннээҕи түбүккэ да үтүөнү, кэрэни бэлиэтии көрөн, сүрэҕэ үөрэр, дууһата ыллыыр:

Дьэ, ытыгым күннэтэ

Биһилэхпин элитиэ,

Дагда хойдор үөрүүтэ

Сиргэ дьолу чиҥэтиэ.

Поэтессалар айымньыларыгар дьыл кэмнэрин, ыйдары анаан хоһуйбуттара баар буолар. Мария “Ыам ыйа” диэн хоһоонноох:

Ымыылаах ыам ыйа

Сырдыккын даҕаны!

Сүрэхпин арыйа

Баҕардым саҥаны!

Хайа баҕарар саха поэтыгар ыһыах – ураты кэм. Мария хоһоонугар бу кэмҥэ “сир-дойду сэргэхсийэ саҥа күҥҥэ мичийэр”, “сибэккилэр дьиэрэҥкэйдии тэбэллэр”.

“Дьахтар сайына” хоһооҥҥо ааптар кыыс оҕо чэлгийэ чэчириир кэмиттэн сааһырар кэмҥэ үктэммитин сайын күһүнүнэн солбулларыгар тэҥниир уонна манна эмиэ кэрэни таба булан көрөр. Оттон күһүнү хоһуйуута олох диалектикатын көрдөрөр:

Кэхтии да кэрэлээх,

Күһүн да күүтүүлээх,

Күлүмнэс үөрүүлээх,

Көтүтэр иэйиилээх.

Саха дьахтарын уйаҕас тапталын, доҕорун харыстыыр, араҥаччылыыр кыаҕын ааптар таба тайанан ойуулуур:

Сирдээҕи олохпор эн ааккын сипсийэн

Сындалҕан айаҥҥын кыратык чэпчэтэн,

Күн курдук сылаастык, ый курдук ыраастык

Көстүбэт ситимдҥэ ыксары силбэһэн,

Мин баарбын

Таптал туһунан хоһооннорго “уйаҕас дьол”, “үйэлээх таптал”, “уйан кут”, “хорсун дьол” диэн тыл ситимнэрин көрсөбүт.

Маны таһынан, саха дьахтара куорат эйгэтигэр кытта айылҕа дьиктитин булан бэлиэтиир:

Дьокуускайга

Түүҥҥү халлаан

Сэгэлдьийэ

Сээдьэлиир.

Эбэтэр:

Кыраһа хаар оргууй

Туймаада хочотун сабыаҕа.

Эбэтэр:

Сыа хаар – маанылаах ыалдьыт.

Мария Андросова поэзиятыгар саха дьахтара – “чаҕар дьахтар” буолбатах, кини дьылҕа үрдүк мындаатыгар “хобулуктара ытталлар”. Маны таһынан, ханнык да ыарахан түгэҥҥэ доҕорун, бэйэтин уоскутар ураты күүһэ сөхтөрөр:

Барыта этэҥҥэ буолуоҕа,

Тускулум тоһуйан туруоҕа,

Үс кутум үрдүк дьол тосхойор

Уоскулаҥ кытылын булуоҕа.

Түмүктээн эттэххэ, Мария Алексеева “Дьол эргиирэ” хомуурунньугун лириическэй героинятын нөҥүө бу олоххо ытык аналын чиэстээхтик толорор, олох ыарахаттарын хорсуннук туоруур, дьонун-сэргэтин арчылыыр, араҥаччылыыр уонна кэрэни кэрэхсиирэ уҕараабат, уйан уйаҕас куттаах дьоллоох саха дьахтарын уобараһын түмэн көрдөрөр.

This post was published on 27.05.2022 11:01 11:01