Саха быһаҕа норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапкаҕа бастыҥынан ааттанна

Москваҕа буолбут «Клинок – традиции и современность» норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапкаҕа саха маастардарын быһахтара «Кухонный нож» куонкуруска «Национальный нож» уонна «Полевой кухонный нож» номинацияларга, уус-уран оҥоһуктар күрэхтэригэр «Длинный клинок» уонна «Историческая реконструкция» ааттарга бастыҥынан буоллулар диэн, предпринимтаельство министерствотын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Быыстапкаҕа кыттыыны «Мой бизнес» киин тэрийдэ.  


Куухуна быһахтарыгар «Полевой кухонный нож» номинацияҕа бастакы миэстэни Таатта улууһуттан уус Степан Пахомовка туттардылар. Кини быыстапкаҕа кэтэхтэн кытынна.

Бу куонкуруска «Национальный нож» номинацияҕа Александр Терентьев Амма улууһа иккистиир. Маастар биини бэрэбиэркэлээһиҥҥэ «Булчут. Саха» үлэтинэн үһүстүүр. «Түмүктэрбит үчүгэйдэр. Бу кыайыыларбыт өссө биирдэ саха быһаҕа бары өттүнэн саамай чулуулара буоларын көрдөрдө», – диир кини.

Леонид Федоров үлэтэ «Художественные изделия» куонкуруска «Длинный клинок» номинацияҕа бастаата. «»Эһэлэр» батыйаны Александр Протопоповтыын, Бүлүү ууһун кытта оҥорбуппут. Кини Москваҕа сатаан кэлбэтэ. Кыайыыбыт соһуччу. Экспертэр биһиги үлэбитин сыаналаабыттарыгар соһуйдубут», — диир Хаҥалас ууһа Леонид. 

Бу категорияҕа Александр Данилов иккистээтэ. Кини «Хотокон» батыйаны көрдөрдө. «Хотокон — батыйа көрүҥэ, кээмэйэ кыра. Олохтоох рудаттан ылыллыбыт саха тимирин туттубутум. Туоһунан, быысапканан киэргэттим. ХИФУ археология уонна этнография музейыгар былыргы сэп баар. Мин өр кэмҥэ артефактары үөрэппитим уонна ол оһуордары бэйэм үлэбэр туттарга боруобалаабытым», — диир уус.

Александр Данилов уонна Алтай ууһа Аржан Кухаев кыттыгас үлэлэрэ уус-уран оҥоһуктар куонкурустарыгар «Историческая реконструкция» номинацияҕа бастаата. «Бу акинак – скифтар кылгас тимир кылыстара, былыргы үйэҕэ туттула сылдьыбыт. Доҕорум Аржан Кухаев скифтэр сэптэринэн-сэбиргэллэринэн интэриэһиргиир. Мин кини эскиһин туһанан оҥорбутум», — диир предприниматель.

Тааттаттан Михаил Данилов уустар династияларын бэрэстэбиитэлэ. Кини аҕата Яков Данилов быһаҕа «Национальный нож» номинацияҕа бастаата. «Дьиэ кэргэним ситиһиититтэн үөрэбин. Уус — төрдүбүтүттэн бэриллибит дьарыкпыт. Элбэх ууһу кытта билистим, сүбэлэрин иһиттим. Билбиппин-көрбүппүн үлэбэр туттуом дии саныыбын. Россия регионнарыттан биһиги быһахтарбытын ылаары анаан-минээн кэлбиттэр. Быһах биилин бэрэбиэркэлиир шеф-повар Юрий Шутаев биһиги оҥоһукпутун ылла. «Мой бизнес» кииҥҥэ маннык улахан тэрээһиҥҥэ кыттарбытыгар кыах биэрбиттэригэр махтанабыт», —  диир кини.

Сахалар бултуурга туттар быһахтарын оҥорбут Михаил Баишев «Национальный нож» категорияҕа үһүстээтэ.

This post was published on 05.11.2019 12:44 12:44