3 Сэтинньи 03.11
  • -26°
  • $ 97,55
  • 106,14

Саха боруода ынаҕын иитиини Мэҥэ Хаҥалас Хатылыматыгар сайыннарыахтара

Село Хатылама. Фото: Светлана Иванова, ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Мэҥэ Хаҥалас Хатылыматыгар олохтоохтор саха боруода ынаҕын ахсаанын 80 %- ҥа диэри элбэтэри ситистилэр. Бу туһунан Саха сирин бырабыыталыстыбатын көһө сылдьар отчуотугар ырыттылар.

Оройуон куратора, Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Петр Попов бырабыыталыстыба бөлөҕүнэн дэриэбинэҕэ кэлэн, хаһаайыстыбаны салгыы сайыннарарга «Сахагроплем» холбоһук тэрилтэни кытта бииргэ үлэлээһин боппуруоһа көрүллүөхтээҕин туһунан иһитиннэрдэ.

«Хатылымаҕа 100-тэн аҕыйах киһи олорор. Манна Саха боруодатын сүөһүлэрин иитэллэр. Нэһилиэк тыа хаһаайыстыбатын салаатынан сайдар ыахтаах. Дэриэбинэ киин ититиигэ толору холбонно, оптоволоконнай линия ыытылынна. Онон сайдарга бары усулуобуйа баар»,-диэн Мэҥэ-Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов бэлиэтээтэ.

Кини бу сайын Хатылымаҕа оҕолорго анаан экологическай лааҕыры тэрийии былааннанарын, лааҕыр кэмигэр илиинэн от охсуутугар куонкурус ыытылларын эттэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА