Былырыыны кытта тэҥнээн көрдөххө, саха боруода сүөһүтүн ахсаана 12,5% эбилиннэ, ынаҕа — 13,7 %-нан. Өрөспүүбүлүкэҕэ төрүт сүөһүтүнэн базовай, кэтэх уонна фермерскай хаһаайыстыбалар, маны сэргэ «Саха сүөһүтэ» генофонднай хааһына тэрилтэ дьарыктаналлар, СИА-ҕа бырабыыталыстыба уонна Ил Дархан пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Саха сүөһүтүн чөл хаалларар туһуттан Ил Дархан Айсен Николаев быһаарыытынан 2020 сыллаахха «Якутский скот» хааһына тэрилтэ тэриллибитэ. Боруода Россия классификаторыгар «сүтэр туруктаах» диэн суруллар.
2022 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан саха сүөһүтүн ахсаана 2378 төбө, ол иһигэр 976 ыанар ынах. Балартан 967 төбө, ол иһигэр 298 ыанар ынах «Саха сүөһүтэ» тэрилтэҕэ баар. 2024 сылга диэри тэрилтэ төбөтүн ахсаанын 1250 ахсааҥҥа тириэрдэр соруктаах, ыанар ынаҕын — 330. Сыаллаах үлэ регион 9 улууһугар ыытыллар.
Бу сылга саҥа эбийиэк «Күллэгигэ» Амма улууһугар 100 төбөҕө арыллара былааннанар. Уочаракка — Дьааҥы «Мачах» учаастагар (50 төбө) уонна Горнай «Кылыһыгар» (180 төбө).
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, саха сүөһүтэ сылдьар, үөскүүр сирин кэҥэтии ахсаан элбииригэр төрүөт буолбут. Мииринэй Сүлдьүкээригэр, Ньурба Антоновкатыгар, Мэҥэ Хаҥалас Өргөннөөҕөр бааллар. Бүтэһик икки сылга 780 сүөһү миэстэтэ киирэр эбийиэк тутуллубут.