«Саха бэчээт» тэрилтэ үлэһиттэрэ байыаннай дьайыы зонатыгар ыытарга УАЗ массыына туттардылар. Тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Ньургуйаана Стручкова кэлэктиип үлэһиттэрэ байыастары уонна байыаннай кэрэспэдьиэннэри кытта мэлдьи сибээстэһэллэрин бэлиэтээтэ.
«Байыаннай дьайыы хонуутугар тырааныспар олус наадалааҕын билэбит. Фроҥҥа уйулҕа уонна тиэхиньиичэскэй өттүнэн өйөбүл наадалаах буолара биллэр. Онон биһиги бүгүн бу массыынаны Биир кэлим координационнай киин суһал ыстаабыгар туттарабыт. Биһиги көмөбүт инникитин Кыайыыны чугаһатарга күүс-көмө буолуо диэн эрэнэбит», — диэн Ньургуйаана Стручкова бэлиэтээтэ.
СӨ Биир кэлим координационнай киин суһал ыстаабын салайааччыта Георгий Куркутов сотору кэминэн массыына Саха сирин тирэх пууннарын биирдэстэригэр тиксэриллиэҕэ диэн чуолкайдаата.
«Биһиги «Саха бэчээт» кэлэктиибигэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөрүн, дойдубут оборуонатын күүһүрдүүгэ кылааттарын иһин махтанабыт», — диэтэ Георгий Куркутов.
Санатан эттэххэ, Саха сиригэр байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан тэрилтэлэр уонна чааһынай дьон фронт наадатыгар 160-тэн тахса тиэхиньикэни туттарбыттара.
Саха сирэ
This post was published on 10.09.2024 10:03 10:03