Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтин (Саха АССР) төрүттээбит саха чулуу дьоно М.К.Аммосов, П.А.Ойуунускай, И.Н. Барахов, В.В.Никифоров-Күлүмнүүр сыралаах үлэлэрин, күүстээх туруорсууларын түмүгэр Саха Автономията баар буолбута. Үүнэр көлүөнэ ыччакка тоһоҕолоон, устуоруйаҕа хайдахтаах курдук суолталаах үлэ оҥоһуллубутун саха билиҥҥи интэллигиэнсийэтин биир тутаах бэрэстэбиитэлэ «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, кыраайы үөрэтээччи Гаврил Андросов САССР төрүттэммит устуоруйатыгар көрүүлэрин үллэстэр.
— Саха сиригэр гражданскай сэрии уота күүдэпчилэнэ турар кэмигэр Саха Автономнай өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ. Автономия тэриллиитэ биир күнүнэн быһаарыллар ыраас илиискэ илии баттааһын буолбатах этэ. Сүрдээх уустук умсулҕаннаах, мүччүргэннээх түгэннэрдээх, киһи тыына толуктаах даҕаны, бэйэтэ эпопия буолар.
Автономия диэн тыл оччотооҕу кэмҥэ саха интеллигенциятын (билиҥҥи саха элиитэтин) өйүгэр-санаатыгар буһуута хаһааҥҥыттан саҕаламмытай диэн боппуруос турар. Мин бу боппуруоһу биир кэмҥэ үөрэтэн турардаахпын. «Сахаларга культурнай автономия баар буолуохтаах» диэн эппит дьонунан, 1917 с. олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр, Алексей Васильевич Широких, Гаврил Васильевич Ксенофонтов, Роман Иванович Оросин, Семен Андреевич Новгородов буолаллар. Кинилэр оччотооҕу Саха сирин экэниэмикэтэ тутулуга суох буолуутун, оччотооҕу кэм түөрт таһымнаах бэйэни салайыныытын — земство нөҥүө көрөллөрө. Земство ол саҕана Арассыыйаҕа балачча сайдан эрэр, Сибииргэ саҥа киирэн эрэр билиҥҥинэн бэйэни салайыныы — муниципалитет көрүҥэ буолар. Ону сөптөөх хайысха диэн биһиги дьоммут хаба тардан ыланнар, хотугу уокуруктартан ураты Дьокуускай уокурукка – билиҥҥи киин улуустары, Бүлүү уокуругар уонна Өлүөхүмэ уокуругар киллэртээбиттэрэ. Земство — нэһилиэк, улуус, уокурук таһымнаах этэ. Ол уокуруктааҕы земскэй управа бэрэссэдээтэлинэн Күлүмнүүр талыллан үлэлээбитэ. Ол таһынан култуурунай автономия диэн тылы көтөхпүттэрэ уонна ити идиэйэҕэ киллэрэр Арассыыйаҕа трудовой тутул баар буолуохтаах диэн, Федералистар трудовой сойуустара саха интеллигенциятын бэлитиичэскэй баартыйатын тэрийбиттэрэ. Баартыйа 1200 чилиэннээҕэ, оччотооҕу кэмҥэ сүрдээх улахан бэлитиичэскэй күүс этэ. Ол саҕанааҕы казахтар аатырбыт “Алаш-Орда” баартыйалара 500-600 эрэ чилиэннээҕэ диэн чинчийээччилэр бэлиэтииллэр.
1919 c. ахсынньытыгар Сэбиэскэй былаас тулхадыйбаттык олохтоммута. 1920 сыллаахха баартыйата суох интеллигенция бөлөҕүттэн губревкомҥа сир оҥоруутун отделын сэбиэдиссэйинэн олоробут Роман Иванович Оросин автономия диэн боппуруоһу көтөхпүтүгэр, оччотооҕу бэлитиичэскэй былаас уонна бэлитиичэскэй быһыыны-майгыны кэтээн көрөччү ЧК-лар бастаанньа оҥоруутугар буруйдаабыттара. “Оруоһун саагабара” диэн ааттаан 1920 с. атырдьах ыйыгар Дьокуускайга дьыала тэриллэн, Күлүмнүүр, Роман Оросин, Ксенофонтов, Семен Новгородов, Георгий Ефимов, Илья Трапезников курдук дьон саха интеллигенциятын чулуу бэрэстэбиитэллэрэ дьыалаҕа эриллибиттэрэ. Бу дьыалаҕа Емельян Ярославскай орооһон, кинилэр эрэпириэссийэлэммэккэ соҕуруу ыҥырылланнар, онно тиийэн ырааһыраннар Омскайга баар Сиббюро уонна Сибревком диэн бүтүн Сибиири дьаһайар дьаһалталарга тиийэн көрүллүбүттэрэ. Сибревком иһинэн Сибнац диэн Сибиир норуоттарын дьаһайар отделга Саха подотдела тэриллибитэ. Ойуунускай эмиэ ол кэмҥэ Омскайга тиийэн Саха подотделын салайар. Уонча саха үөрэхтээҕэ түмсэннэр автономия тэриллиитин, конституция барылын, судаарыстыбыннаска сыһыаннаах докумуоннары оҥорууга үлэлээбиттэрэ. Ойуунускай Сиббюро улахан мунньаҕар эттээх-сииннээх дакылаат оҥорор. Онно Саха сиригэр экэнэмиичэскэй автономия баар буолуохтаах диэн дириҥ суолталаах этиини этэр.
Онно этиллэринэн өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи баайтан-дуолтан өрөспүүбүлүкэ бэйэтин бүддьүөтүнэн хааччынар буолуохтаах улахан суолталаах этиини оҥорбута. Онно кинини биир өйдөөх санаалаах дьон, Исидор Барахов, Максим Аммосов, Степан Аржаков өйөөн Омскайтан саҕалаан Дьокуускайынан, Москванан сүрдээх элбэх үлэ-хамнас барбыта. 1922 с. саҕаланыытыттан автономия кэлэр сибикитэ биллэн барбыта, дьон бэлэмнэнэр үлэни ыыппыттара. 1922 с. муус устар 27 күнүгэр Бүтүн Арассыыйатааҕы киин ситэриилээх кэмитиэтин декретинэн Саха Автономнай өрөспүүбүлүкэтэ тэриллэр. САССР ревкомун бастакы бэрэссэдээтэлинэн уонна быстах кэмнээҕи совнарком бэрэссэдээтэлинэн П.А. Ойуунускай талыллан үлэлиир. Ити кэмҥэ Уһук Илиҥҥэ Сибииргэ гражданскай сэрии бара турара. Сэбиэскэй Арассыыйа Японияны кытары сэриигэ кииримээри, 1920-с сс. бэлитиичэскэй оонньуулар түмүктэринэн Уһук Илиҥҥи өрөспүүбүлүкэ диэн ааттаах (билиҥҥи Улан Удэттан саҕалаан Илиҥҥи Бурятия, Чита, Хабаровскай, Амурскай, Владивосток, Камчатка холбоһон) туспа судаарыстыба буолан олороро. Онно монархистар, хомуньуустар, эсердэр да бааллара, демократическай тутуллаах судаарыстыба этэ. Устуоруйа кэрэһэлииринэн атамаан Семенов көмөтүнэн Буряттарга автономияны биэрбиттэрэ.
Онно тута Уда өрүс арҕаа өттүнээҕи буряттарга Сэбиэскэй Былаас автономияны биэрэр. 1922 с. Ньылхаҥҥа буолбут Сэбиэскэй былааһы утарааччылар мунньахтарын бэрэстэбиитэлэ Куликовскай тиийэр. 1922 с. кулун тутар бастакы аҥарыгар Чурапчыга буолбут Сэбиэскэй былаастан босхоломмут Саха уобалаһын бэрэстэбиитэллэрин сийиэһэ ВЯОНУ (временное якутское областное народное управление) диэн Георгий Семенович Ефимов бэрэссэдээтэллээх бырабыыталыстыбаны тэрийэллэр. Кинилэр «Урукку Арассыыйа империятын үрдүнэн сэбиэскэй былааһы утары охсуһар бары бырабыыталыстыбалары билинэбит, бииргэ охсуһабыт» диэн позициялаахтара. Бу ВЯОНУ бэрэстэбиитэллэрэ эмиэ Владивостокка тиийэн оччотооҕу Приамурье судаарыстыбатын киинигэр тиийэллэр. ВЯОНУ тэриллиитигэр киин улуустар делегаттара, Бүлүү, Халыма, Верхоянскай уокуруктарын бэрэстэбиитэллэрэ кыттыбыт буолан чахчы легетимнэй судаарыстыбаннай тэриллиини үөскэтэллэр.
Оччотооҕу большевиктар, хомуньуустар салалталара ону көрө олороннор Саха уобалаһыгар автономияны биэрэргэ тиэтэйэллэр. Автономияны туһанан Аммосов, Ойуунускай уонна Барахов буолан, үрүҥнэргэ сылдьар саха дьонугар амнистияны биллэртэрэллэр. Оннук гынан биир өттүнэн үрүҥ хамсааһынын мөлтөтөллөр, иккис өттүнэн дьону-сэргэни хаан тохтуутуттан быыһыллар. 1922 с. ахсынньы бүтэһик күннэригэр, 1923 с. тохсунньутугар Дьокуускайга сэбиэттэр бастакы учредительнэй сийиэстэринэн Саха өрөспүүбүлүкэтин бигэргэтэллэр. Саха киин ситэриилээх кэмитиэтэ диэн билиҥҥинэн парламент уонна бырабыыталыстыба өрүттэрдээх тэрилтэ тэриллэр. Бэрэссэдээтэлинэн Ойуунускай талыллар. Саха киин ситэриилээх кэмитиэтэ Совнарком чилиэннэрин тэрийэн бигэргэтэр. Онно бастакы бэрэссэдээтэлинэн Исидор Барахов талыллар. Автономия кылгас кэмнээх эпопеята итинник.
Сүрдээх элбэх быстах бириинчик өрүттэрдээх.
Бу сабыытыйа саха омугун судаарыстыбаннаһын иккис түһүмэҕин түстээбитэ. Тоҕо диэтэххэ, история наукатын доктора Анатолий Алексеев миэхэ биир интервьютугар «өбүгэлэрбит Саха сиригэр судаарыстыбаннас элеменнерин илдьэ кэлбиттэрэ» диэн бэлиэтээн этэн турар. Кэлин 90-c сыллардааҕы суверинитет ылыныыта мин санаабар, иккис түһүмэх салгыы сайдыыта буолар.
Арассыыйа иһинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ саха омук өйө-санаата, тыла-өһө, култуурата судаарыстыбаннай тирэхтэрэ барыта бу 1922 сыллаахха улахан хамсааһын быһыытынан үөскээбитэ диэн бэлиэтээн этиэхтээхпит. Сүүс сылын кэнниттэн биһиги, аттаран анааран көрөр билиҥҥи саха интеллигенцията, саха суруйааччылара өйү-санааны дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэр ытык иэспит дии саныыбын. Бу хайысхаҕа үлэ-хамнас барар.
Биһиги салалтабыт, бэлиитиктэрбит, судаарыстыбаннай диэйэтэллэрбит интеллигенция ырытан, арааран биэрбитигэр кыттыһаннар уопсай норуот сайдыытын идеологиятын, концепциятын оҥоруохтаахтар дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, аан дойду саҥа хайысханан сайдар, кыраныыссалар суураллан иһэллэр. Интэриниэт нөҥүө биир өйгө-санааҕа, ситимҥэ киирдэ. Саха сирэ наука, тиэхиньикэ сайдыытын үчүгэйдик баһылаан иһэр биир эрэгийиэн быһыытынан саҥа дьиҥи сөпкө өйдөөн, ылынан инники сайдыыбытын торумнаатахпытына суураллан хаалбакка, төрүт үгэспитин, төрүт сиэрбитин-майгыбытын, тылбытын-өспүтүн тутан хаалыахпыт дии саныыбын.
Надежда Ильина, edersaas.ru архыыбыттан.
This post was published on 27.04.2024 12:06 12:06