Саха ылҕаан, үргээн, бултаан булунан, буһаран, хоторон, үөлэн, хаһаанан, тоҥорон сии үөрэммит астарын уон суолга араарар этилэр.
- Сир үүнээйилэриттэн үргээн, хостоон, үүккэ, үрүҥҥэ астаан ас үөрэ оҥорон аһыыллара — 19 суол
- Талахтан, оттон үргээн бэйэтинэн сииллэрэ — 11 суол
- Сылгы үүтүттэн — 3 суол
- Ынах үүтүттэн, ынах аһа-арыы оҥорон — 20 суол
- Күөл балыгыттан — 3 суол
- Уу көтөрдөрүттэн — 37 суол
- Мас көтөрдөрүттэн — 10 суол
- Чыычаах,хонуу көтөрүттэн — 5 суол
- Олохтоох тыа күндү булдуттан — 9 суол
- Сылгы, ынах этиттэн — 2 суол
Ол аата 119 суол араас көрүҥнээх амтаннаах аһылык буолан тахсар. Холобура, биэ үүтүнэн аарах кымыс, көйөргө (хойуу) кымыс, саамал кымыс диэн суоллар. Аһыыр аһылыкпыт айыылартан алҕанан, уруйданан ылыллыбыт уйгу астара буоллаллар. (3-14 с)
Источник: К.Д.Уткин. Саха астарыгар сиэр-туом көстүүлэрэ – Ситим. – ЧИФ. Дь. 1994.
Бэчээккэ бэлэмнээтэ Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата
This post was published on 21.06.2020 12:01 12:01